«Ромашка» детсад иитиллээччилэрэ талааннарын көрдөрдүлэр

Муус устар 12 күнүгэр Граф Биэрэгин «Ромашка» детсад иитиллээччилэрэ «Самородок» култуура, сынньалаҥ киинигэр кэнсиэрдээтилэр. Сценаҕа 40-тэн тахса оҕо тахсан, араас хайысхаҕа бэлэмнээбит уус-уран нүөмэрдэрин биирдиилээн, бөлөхтөрүнэн толордулар. Кэнсиэр кыттыылаахтарын ортотугар улуустааҕы, Аан дойдутааҕы куонкурустар кыайыылаахтара «Ромашки» ансаамбыл, «Утята» үҥкүү коллектива, «Звездочки» фольклорнай бөлөх бааллар.

Кэнсиэр СӨ Оҕо саас сылыгар ананна уонна оҕо айар дьоҕурун сайыннарар, хас биирдиилэрин талаанын арыйар сыаллаах тэрилиннэ. Бу тэрээһин оҕолорго эрэ буолбакка, төрөппүттэргэ уонна иитээччилэргэ эмиэ улахан суолталаах: манна үөрэх эйгэтигэр бииргэ иитии, үөрэтии үлэтэ көстөр. Хас биирдии оҕо личность быһыытынан биир кэлимник сайдарыгар, айар талаана арылларыгар муҥура суох кыаҕы биэрэр, партнеру кытта үлэ бөҕөргүүр. Граф Биэрэгинээҕи «Самородок» култуура, сынньалаҥ киинигэр бииргэ үлэлииллэригэр махтанабыт. Ол туһунан оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ иһитиннэрэллэр.

Олук

Читайте дальше