Нам улууһугар кулун тутар 26-27 күннэригэр кикбоксиҥҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сааскы Эҥсиэли” күрэхтэһии буолла.
Күрэхтэһии “Спортивные якутяне” спартакиада суотугар киирэр. Үтүө үгэскэ кубулуйбут «Сааскы Эҥсиэлигэ» 16 улуустан 183 спортсмен 20 ыйааһыҥҥа күрэхтэстэ.
Улуустааҕы «Олимпик» спорт оскуола иитиллээччилэрэ 22 мэтээли ылары ситистилэр.
Таһымнаах киирсиилэри көрдөрөн, Авксентьев Тимур бастыҥ кикбоксерынан, Халдеев Руслан инникилээх кикбоксерынан ааттаммыттар.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин кикбоксаҕа Нам улууһа үһүс сылын кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Ол курдук, уолаттарбыт 2012-13 сс. уонна 2010-11 сс. уолаттарга хамаанданан бастаатылар. Аҕа тренер Дмитрий Черноградскайы, тренердэри Дмитрий Захаровы, Николай Ивановы сыралаах үлэлэрэ сыаналана туралларыгар баҕа санаабын этэбин!» — диир «Олимпик» дириэктэрэ Юрий Балаганскай.
10 кыһыл көмүс мэтээл:
— Дьячковскай Дархан;
— Петров Эрхан;
— Татаринов Айхал;
— Халдеев Руслан;
— Авксентьев Тимур;
— Муксунов Эрчим;
— Львов Любомир;
— Иванов Эрэл;
— Новгородов Дьулусхан;
— Сивцев Эльдар.
8 үрүҥ көмүс мэтээл:
— Кокарев Эдик;
— Павлов Марк;
— Олесов Леня;
— Барамыгин Айаал;
— Аманатов Эрик;
— Ксенофонтов Сандал;
— Бубякин Женя;
— Бурнашев Тимур.
4 боруонса мэтээл:
— Захаров Богдан;
— Ачикасов Денис;
— Винокуров Тимур;
— Модун Өркөн.
Харысхан Попов