Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр сааскы халаан уутугар бэлэмнэнии үлэлэрэ бараллар. Ол курдук, Кыһыл Дэриэбинээтэҕи быстах кэмҥэ сүөһү тутар пууну олохтоох дьаһалта, МАУ “Спектр”, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар өрүмүөннээтилэр, бөҕүн хомуйдулар.
Нэһилиэккэ уопсайа 3058 киһи баар, онтон 2243-һэ халаан уутугар эмсэҕэлиэн сөптөөх сиргэ олорор.Ол курдук: оҕотун ахсаана – 1030 (17), биир сааһыгар диэри – 33 (15), хат дьахтар – 7 (4), соҕотох олорор уонна инбэлиит – 7. Маны таһынан, 765 (624) чааһынай дьиэ, 32 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, 1106 ынах сүөһү, 1513 сылгы, уопсайа 2619 төбө баар.
Халаан уутугар бэлэмнэнэн тэрилтэ салайааччыларын кытта сүбэ мунньахтар буолаллар. Нэһилиэк баһылыга Иван Ноговицын кулун тутар 29 күнүгэр тахсыбыт дьаһалынан 11 подкомиссия үлэтин саҕалаата. Хас биирдии комиссия бэйэтин хайысхатынан былаан оҥостон үлэтин ыытар.
Ол курдук, Аппааны бөһүөлэгин Е. Гоголева аат уул. 11 №-дээх дьиэтигэр – спорт саалаҕа 50 миэстэлээх ПВР (пунк временного размещения) үлэлиэҕэ, пуун салайааччыта Егор Константинович Бурнашев. Сүөһүнү быстах кэмҥэ тутар пуун Аппааны бөһүөлэгэр уонна Кыһыл Дэриэбинэҕэ баар, үс күҥҥэ аһыыр от, бурдук, уу баар.
Түөлбэ салайааччылара нэһилиэк олохтоохторугар уонна сылгылаах, сүөһүлээх ыалларга сэрэтии суруктары түҥэтэллэр. Кыһыл Дэриэбинэ хоту өттүнээҕи дамба өрөмүөнүн “Суол” ХЭТ оҥоро сылдьар, онтон Аппааны дамбатын “Лигран” ХЭТ оҥоруохтаах. Халаан уута кэлэн дамбаны алдьатар түгэнигэр тэрилтэлэр эр дьоно, “Хотой” ДНД чилиэттэрэ, олохтоохтор кыттыылаах дьуһуурустуба буолуоҕа. Маны тэҥэ, техниканан, моторнай лодканан хааччыйыы, КСИОН үлэтэ, ыраас уу аҕалыыта, итии аһылык, эминэн-томунан хааччыйыы, арыылартан сылгылары үүрэн таһаарыы, нэһилиэнньэҕэ сөптөөх сырдатыы үлэтэ барыытын туһунан боппуруостар көрүлүннүлэр.
Надежда Сивцева