Саха буоларгынан киэн тутун, саха буолан сандаар

Партизан нэһилиэгэр СӨ Государственноһын күнүгэр араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Сарсыарда нэһилиэкпитигэр СӨ гимнэ уонна Сахабыт сирин туһунан ырыалар тыаһаатылар.

Партизан орто оскуолатыгар үөрүүлээх линейка буолан ааста. Линейкаҕа оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ Саха чулуу  уолаттарыгар М. Аммосовка, И. Бараховка, П. Ойуунускайга аналлаах хоһоонунан композициялара дьон биһирэбилин ылла. Оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар бу күҥҥэ сахалыы таҥастаах үөрэннилэр, үлэлээтилэр.

Олохтоох түмэлгэ аҕа баһылык Алексей Зырянов орто сүһүөх үөрэнээччилэрин кытта көрсөн государственность историятын сэгэтэн кэпсээтэ уонна ыйытыыларга хоруйдаата.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын күнүнэн Д. И. Кривошапкин аатынан «Хомус» Фольклор дьиэтэ Партизан нэһилиэгин тэрилтэлэринэн сылдьан тургутук, сахалыы оонньууларын оонньотто.

Полина Скрябина

Читайте дальше