Саха дьахталларыттан бастакы сварщик

Эҥсиэли эбэбит улуу хочотугар дьон-аймах олохсуйан, 50-60-с сыллартан саҕалаан саҥа бөһүөлэктэр күүскэ тутуллан иһэллэрэ олус үчүгэй. Оҕолорго, ыччакка анаан детсадтар, оскуолалар, бэл диэтэр, таас тутуулар кылбаһан таҕыстылар.

Нам селотугар үрдүк кырдалга таас оскуоланы тутуу 1959 с. саҕаламмыта. Манна эрчимнээх эдэр уолаттар да, кыргыттар да өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлээбиттэрэ. Оччолорго тутуу үлэтигэр Николай Сивцев, Яков Ощепков, Афанасий Винокуров, Дмитрий Винокуров, Татьяна Колесова, Афанасий Рехлясов, Анна Евстафьева, Альбина Слепцова уо.д.а. күргүөмнээхтик кыттыбыттара. Кинилэртэн билигин сорохторо, төһө да сааһырдаллар, үлэ бэтэрээннэрэ буолбуттарын да иһин, үлэ үөһүгэр сылдьаллар…

Онтон ыла төһөлөөх тутуу барда: уопсай дьиэлэр, таас почта, сөҕүмэр улахан оскуола, НПУ саҥа куорпуһа, тыа бөһүөлэктэригэр кулууптар, оскуолалар, киһи көрө-көрө сөҕөр-махтайар. Бу барыта улууспут инники сайдыытын сөҕүмэр көстүүлэрэ. Биэс, алта, уон сыллар анараа өттүлэригэр үлэлээбит дьон оҕолоро, сиэннэрэ үөрэнэн, киһи-дьон буолан сылдьаллар. Ити бириэмэҕэ үлэлээбит дьонтон биирдэстэринэн Альбина Павловна (Слепцова) Ядрихинская буолар.

Кини оҕо сааһа биһиги олохпут историятын быстыспат кэрчигэр киирсэр. Саха сирин үгүс оройуоннарыттан эр дьон, аҕалар уоттаах сэриигэ баран, хаалбыттар ыар суттан хоргуйан өлөн, көһөрүүгэ үүрүллэн элбэх оҕо детдомнарга атаарыллыбыта. Сэрии саамай ыарахан кэмигэр 1943 сыллаахха Альбина Дьабыыл детдомугар түбэспитэ. Үтүө санаалаах иитээччилэри – Дария Андреевна Стручкованы, Анна Никитична Бойтунованы, Александа Дмитриевна Кулаковскаяны, Фекла Алексеевна Березкинаны истиҥник-иһирэхтик ахтар, кинилэри күндүтүк саныыр.

Кини 1948 с. көмүстээх Алдан куоратыгар «Якутзолото» трест Үөһэ Кураанахтааҕы көмүһү хостуур бириискэҕэ сварщик үөрэҕэр киирэн ситиһиилээхтик бүтэрэр.

Саха дьахталларыттан сварщик идэлэнэн, дьоллоох Дьокуускай маҥнайгы таас тутууларыгар сварщигынан үлэлиир. Эдэр эрдэҕинэ, бэйэтэ да уол оҕолуу туттуулаах буолан, үлэтигэр киһи эрэ ымсыырар курдук кыайыылаахтык туттара. Киэҥ Саха сирин хоту оройуоннарыгар, Халымаҕа, Муомаҕа эмиэ үлэлээбитэ.

1959 с. Эҥсиэли хочотугар үөһээ ахтыллыбыт, оччотооҕу баараҕай тутуубутугар, таас оскуолаҕа үлэлии тахсыбыта. Бу дойдуну олус сөбүлээбитэ, ордук өрө көтөҕүллүүлээхтик, биир санаанан үлэлиир табаарыстарын, эйэҕэс санаалаах дьонун-сэргэтин.

1963 сыллаахха А.П. Слепцова олоҕун аргыһын, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгылаах барыга бары дьоҕурдаах Гаврил Игнатьевич Ядрихинскайы көрсөн, холбоһон буруо таһаарыммыттара. Аҕыйах сыл иһигэр икки уол, биир кэрэ кыыс оҕоломмуттара. Кинилэри көрөн-истэн, бүөбэйдээн улаатыннарбыттара, үөрэппиттэрэ. ыал оҥортообуттара.

Альбина Павловна үлэтинэн, дьиэтинэн муҥурдамматаҕа. Улуус общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Ол курдук, Кириллова Р.Б, салайааччылаах, Христофоров И.Л. баянистаах, Шестаков А.П. курдук наставниктаах «Ньургуһун» ансаамбыл биир тутаах үҥкүүһүтэ этэ. Ону кырдьан баран «кыргыттар» түмүстэхтэринэ үөрэ-көтө ахтыһаллара.

Дьыл – хонук. Билигин Альбина Павловна Ядрихинская – тыыл бэтэрээнэ. Дьиэтээҕи фотоальбомнарын хаартыскаларын бэрийдэҕинэ, эдэр сааһа хараҕар элэҥнээн ааһар. Ол кэм туоһута, араас Бочуотунай грамоталар, сааһыланан сылдьаллар. Ону барытын ырытан көрдөҕүнэ эрэ 65 сааһын туолбутун өйдөөн кэлэрэ.

Т. ОКОНЕШНИКОВ, бииргэ детдомҥа олорбут, Нам улууһугар үлэлээбит-хамсаабыт табаарыһа

«Эҥсиэли», 1999 с., кулун тутар 25 к.

Читайте дальше