Саха өйдөбүлүнэн, киһи барахсан – айылҕа оҕото

Ыам ыйын 23 күнүгэр И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы №-дээх орто оскуолатын оҕолоро уонна учууталлара «Айылҕа уонна биһиги» диэн ааттаах экотуризм буолла. Бастакы кылаастан саҕалаан үөрэнээччилэр сарсыарда эрдэлии туран, үтэлэрин уктунан, ким сатыы, ким велосипедтаах, ким массыынанан барыта 700-тэн тахса оҕо Наммыт киин паркатыгар күрэхтэстилэр.

Туризмҥа полоса препятсвий 3 уол 2 кыыс буолан кылаастарын чиэһин көмүскээтилэр. Оскуола иһинээҕи музей салайааччыта Я.Е. Корякина көҕүлээһининэн улахан кылаастарга Таллан-Бүрэ хоһооннорун ааҕан доргуттулар.
«Безопасное колесо» күрэх бэрт тыҥааһыннаахтык ааста. Оҕолор бары даҕаны тимир көлөнү баһылаан, кыайыылааҕы таһаарар уустуктардаах буолла. Маны таһынан маһы -оту кытта чинчийэр үлэни ыыттылар. Бу кэмҥэ оскуолаҕа 9-с уонна 11 -с кылаастарга государственнай экзаменнара саҕаланнылар.

Оскуола оҕолоро кылаас салайааччыларын кытта уонна биолог учууталлардыын дьыл 4 кэмин — күһүн оскуолаҕа киирээт, кыһын саҥа дьыл саҕана, саас ыам ыйыгар уонна сайын лааҕыр кэмигэр үүнэн турар аттынааҕы мастары, үөнү-көйүүрү үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Бу барыта оҕо айылҕаны кытта ситимнэһэригэр, айылҕаны харыстыырга, таптыырга үөрэтэр сыаллаах ыытылынна.

Лена Корякина

Читайте дальше