Хамаҕатта нэһилиэгиттэн Находкиннар улахан уоллара былырыын анал байыаннай дьайыыга туруммут элбэх уолаттартан биирдэстэрэ буолар. Ыал ийэтэ Мария Находкина кэргэнэ үлэлиир коллективын, саха-француз лицей учууталларын, көҕүлээн отонноотулар:
— Уолбут туһугар долгуйабыт. Тустаах дьон ыарахан кэмнэри аһарынарбытыгар, баары ылынарбытыгар «Комитет семей воинов Отечества РС (Я)», чуолаан Светлана Владимировна Диодорова бастыҥ киһибит буолар. Билигин хас биирдии саллаат уол, биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар биһиги бары кылааппыт баар буолуохтаах.
Госпитальга эмтэнэ сытар араас эчэйии ылбыт уолаттарбытыгар диэн иҥэмтиэлээх, битэмииннээх алаас отоно сэниэ-күүс эптин уонна самныбат санааны эрэ үөскэттин, түргэн үтүөрүүнү, этэҥҥэ буолууну аҕаллын диэн туран саха-француз лицей учуутал кыргыттара отон үргээн, дойду аһын ыытарга кыттыстылар.
Ыҥырыыбын ылынан, тылбын быһа гыммакка күүс-көмө буолбут истиҥ ийэ, тапталлаах кэргэн, эйэҕэс эбээ, кыһамньылаах эдьиий уонна балыс — кэрэ кыргыттарга Махтал буоллун! Аламаҕай сыһыаҥҥытынан өссө да үтүөнү үксэтэ туруҥ!
Бу акцияҕа улууспут кэрэ аҥардара, далбар хотуттара кыттыһыахтара диэн эрэнэн туран ыҥырабын.
Мария Винокурова