Саха графикатын аҕата — Эллэй төрдө-ууһа

Хатыҥ Арыы нэһилиэгин сиригэр силис тардан үөскээн-тэнийэн олорор Сивцевтэр биир киэн туттар киһилэринэн РСФСР үтүөлээх, Саха сирин норуотун худуоһунньуга  Эллэй Семенович Сивцев буолар. Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх киһи буоларын Эллэй Семенович төрүттэрин ырытан көрүөҕүҥ.

Аҕата Сэмэн Тимофеевич Сивцев 1905 сыллаахха төрөөбүт, убайа Микииттэ киниттэн икки сыл аҕа эбит. Ийэлэрэ Хобороос (Егор Колпашников кыыһа), кэргэнэ эрдэ өлөн икки уолун соҕотоҕун ииппит. Эр киһилии үлэлиирэ үһү: оттуур-мастыыр, ат айааһыыр, дьиэ туттар. Бастаан улахан нуучча дьиэтин туттарар. Сылгы туруорар көнүүһүнэлээх, 80-ча ынах сүөһү киирэр хотонноох. Сарайыгар бурдук ыһар, от охсор, сиэмэ ыраастыыр техника араас көрүҥэ кэчигирээн турара үһү. Маны барытын, ол иһигэр үөр сылгытын, ынахтарын, колхозтааһын саҕана колхозка туран биэрбит. Хобороос эмээхсин туттарбыт дьиэтэ хойукка диэри Кыһыл Дэриэбинэҕэ кулууп буолбута. Улахан саха балаҕанын туттаран малааһыннаан баран, колхоз үлэһиттэрин олордор буоланнар, кыракый балаҕан туттан сиэнинээн Эллэйдиин өлүөр диэри онно олорбута. Хобороос эмээхсин сиэннэрин иитэрин таһынан аймахтарын тулаайах оҕолорун көрөр-харайар этэ. Уолаттарын иккиэннэрин Хатыҥ Арыы икки кылаастаах церковнай-приходской оскуолатыгар биэрэн үөрэттэрбитэ. Кэлин Сэмэннээх Микииттэ Нам 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэн бүтэрэллэрин саҕана, Сэбиэскэй былаас тэриллэн комсомол кэккэтигэр киирэн саҥа олоҕу тутуһарга туруналлар.

Эллэй Сивцев ийэтэ Анастасия Егоровна, аҕата Семен Тимофеевич 30-с сыллар бүтүүлэригэр

Микииттэ үрдүк уҥуохтаах, бардам соҕус майгылаах киһи буола улааппыт. Сэмэн уҥуоҕунан орто, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, сытыары-сымнаҕас майгылаах киһи эбит. 1921 сыл күһүнүгэр үрүҥ баандалар өрө турбуттар үһү диэн суостаах сурах тарҕанар. 16 саастаах Сэмэн убайа Микииттэлиин кыһыл этэрээккэ киирэннэр Амманы көмүскүү бараллар, ОҺохтоох, Абаҕа, Чакыр, Чапчылҕан кырыктаах кыргыһыыларыгар кытталлар. Төгүрүктээһиҥҥэ, тоһуурга түбэһэн доҕоттору сүтэрии кутурҕанын, тоҥууну-хатыыны, хоргуйууну барытын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Саас убайа Микииттэ үрүҥнэргэ күрээн хаалар. Тоҕо оннук быһаарыммытын билигин этэр уустук. Драматург Степан Ефремов Намҥа учууталлыы сылдьан «Ини-бии» драманы бырааттыы Сивцевтэри прототип оҥостон суруйбута. Кыһыл байыас Сэмэн Амма кэнниттэн Киллэм кыргыһыытыгар кыттар. 1922 с. күһүөрү сайын сэрии уотугар буспут-хаппыт Сэмэн Сивцев Верхоянскай куораты босхолуу барар Панкратов этэрээтигэр киирэр. Ийэтэ сайылыкка олордоҕуна биир табаарыһынаан тахсан бырастыылаһан барбыта. Тохсунньуга үрүҥнэр куораты төгүрүктээбиттэрэ, кыһыллар астара бүтэн, күүстэрэ-уохтара эстэн эрдэҕинэ Сэмэн Сивцев доҕотторунаан ударнай этэрээттэринэн Сиилээнтэн бородуукта аҕалан дьоннорун өрүһүйбүттэрэ, өстөөхтөрү үлтүрүппүттэрэ.

Верхоянскайга Сэбиэскэй былааһы олохтоон, кыайан-хотон өрөгөйдөөн, 1923 с. сайын Дьокуускай куоракка төннүбүттэрэ, дойдутугар саҥа олоҕу тэрийиигэ актыыбынайдык кыттыбыта.

Ити сыл ахсынньыга Саха сирин сэбиэттэрин иккис съеһигэр делегатынан талыллан кыттар. Сир түҥэтигин курдук олус мөккүөрдээх, кытаанах киирсиилэрдээх үлэни II Атамай, Ойуун Ууһа нэһилиэктэригэр ыытар. 1924 с. комсомол уобаластааҕы конференциятыгар делегатынан талыллар. Партия сорудаҕынан Намҥа үлэлии тахсар.

Убайа Микииттэ амнистияланан буруйа сотуллан дойдутугар кэлэн Бөтүҥ кыыһын Попова Фекла Романовнаны кэргэн ылан Евдокия диэн кыыстаммыттара. Фекла кыыһа биэстээҕэр өлбүтэ, онон Евдокия эбэтигэр Хоборооско иитиллибитэ, Граф Биэрэгэр олорбута, үлэлээбитэ, быйыл кыһын кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорон өлбүтэ. Микииттэ кэлин босхоҥ буолан ийэтигэр кэлэн сыппыта. Сэмэнниин мөккүһэн уолуктаһан турдахтарына ийэлэрэ Хобороос икки ардыларыгар түһэн нэһиилэ араартыыра үһү.

Сэмэн Настаа диэн убайдарыгар иитиллэн олорор кыыһы кэргэн ылан 1928 с. ахсынньы 31 к. Эллэйи, бастакы оҕолорун, төрөтөллөр. 1931 с. иккис оҕолоро Марта күн сирин көрбүтэ. Кинилэр бары Хобороос балаҕаныгар кыракый чулааҥҥа олорбуттара. Истиэнэҕэ Сэмэн кыһыл сулустаах буденновка бэргэһэтэ, бинтиэпкэтэ, шашката ыйанан тураллара. Табаар дьааһыга толору кинигэ, сурунаал буолара.

Сэмэн дьиэҕэ-уокка тохтообот олус түбүктээх үлэҕэ сылдьара. ТОЗ-тары, артыаллары тэрийэн аргыардаах мунньахтары ыытан түүн үөһүгэр диэри сылдьара. Семен Тимофеевич ити үлэтин түмүгэр 1930 с. Хатыҥ Арыыга икки артыал — «Саҥа дэриэбинэ» уонна «Сухаһыт» тэриллибиттэрэ.

Кыһыл былаахтаах, кыраабыл, хотуур сүгэн ырыанан доҕуһуоллатан хаамсан күргүөмүнэн үлэҕэ тахсаллара. Сэмэн иннилэригэр хааман иһэн илиитинэн сапсыйан дирижердуура уонна ыллыыра. Бука бары күлэ-үөрэ өрө көтөҕүллэн иһэллэрин көрүөххэ үчүгэйэ бэрт этэ диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр.

Сэмэн Тимофеевич кыһыҥҥы үлэ кэнниттэн дьону мунньан ааҕарга-суруйарга үөрэтэрэ, спектакль, концерт туруорара. Араас сонуннары, хайдах олох кэлиэн сөбүн кэпсиирэ. Кини ис-иһиттэн үөрэн, өрө көтөҕүллэн, долгуйан туран кэпсиирэ, кыра-хара дьону сырдыкка-ырааска кынаттыыра, угуйара, инникигэ эрэли үөскэтэрэ. Ол да иһин кинини дьон-сэргэ улаханнык ытыктыыра, итэҕэйэрэ. Дэлэҕэ даҕаны кырдьаҕастыын-эдэрдиин мөккүөр үөскээтэҕинэ «Сиэҥкэттэн ыйытыаҕыҥ», «Хобороос Сиэҥкэтэ оннук эппитэ» дэһэллэрэ. Сэмэн Тимофеевич билиитин-көрүүтүн өрүү үрдэтинэрэ. Быыс буллар эрэ сиэбигэр укта сылдьар кинигэтин хостоон ылан ааҕара.

Сэттэ кылаас үөрэхтээх Сэмэн Тимофеевиһы учуутал тиийбэт буолан, Көдөһү начальнай оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Кэлин Хатыҥ Арыыга, Түбэҕэ, Хатырыкка учууталлаабыта. Байыаннай үөрэҕи ыытара, харыйаны хайытан хайыһар иэҕэн оскуола оҕолорун хайыһардыырга үөрэтэрэ. Көдөһүгэ олорон 6 көстөөх сиртэн хайыһарынан киирэн кинигэ бөҕөнү сүгэн кэлэрэ. Оннук сылдьан биирдэ таас чох буруолуу сытар сирин булан куоракка киирэн көрдөрөн биһирэнэн 500 солк. бириэмийэ ылбыт. Сири-уоту бэркэ билэр буолан Көбөкөн мырааныттан кыһыл кырааска, Хатырыкка үчүгэй туой баар сирдэрин булаттаабыта.

Сэмэн Тимофеевич 1935 с. Дьокуускайдааҕы пединститут историческай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Икки сыл ситиһиилээхтик үөрэммитин кэннэ, Ойуунускайы көмүскээн мунньахха тыл эппитигэр үөрэҕиттэн ууратан Сангаарга ыыппыттара. Онно история учууталынан үлэлээн баран, нөҥүө сылыгар көрдөһөн Хатырык оскуолатыгар кэлбитэ. Үчүгэйдик уруһуйдуур буолан, оскуола оҕолорун уруһуй куруһуоктарыгар дьарыктыыра. Эллэй уруһуйдуурга аҕатыттан үөрэммитэ.

Аҕа дойду сэриитэ саҕаланаатын кытта Сэмэн Тимофеевич бэйэтинэн тылланан сэриигэ барбыта. Бастаан Читаҕа снайпердар оскуолаларыгар үөрэммитэ. Онтон бэрт кистэлэҥ минометчиктар чаастарыгар көһөрбүттэрэ. Аар-саарга аатырбыт «Катюшалары» бастакы боруобалааһыҥҥа Москва аннынааҕы кыргыһыыларга сылдьан, 1942 с. сураҕа суох сүппүтэ…

Эллэй ийэтэ Анастасия Егоровна Сивцева 1910 с. алтынньы 26 күнүгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт бэһиэлэр этэ. Хатыҥ Арыы олохтоох Сивцевтэрэ. Аҕалара Баҕыйар Дьөгүөр, эһэлэрэ Буһурук Уйбаан диэн кулуба. Кини аҕата Өндөрөй Кэрэмэс кулуба, эһэтэ Байбал Сивцев Нам улууһун бастакы кулубата.

Настаа оҕо сааһыгар тулаайах хаалан аймахтарыгар иитиллибит, оскуолаҕа үөрэммэтэх. Тумарчаҕа кыстыыллара, Сабардьаҕа сайылыыллара. Ийэтэ өлүөҕүттэн таҥаһын-сабын бэйэтэ көрүнэрэ. Эдэр сааһыгар ыал буолан дьонун-сэргэтин таҥастарын-саптарын бэйэтэ тигэрэ. Сэмэн Тимофеевич сэриигэ барарыгар түөрт оҕолоох хаалбыта. Сэрии ыар сылларыгар икки кырата ыалдьан өлбүттэрэ, Эллэйдээх Марта хаалбыттара.

Оҕолорун иитэр инниттэн бары үлэҕэ барытыгар ылсара. Оччолорго сураҕа суох сүппүт буойун кэргэнигэр пособие диэн көрүллүбэт этэ. Ол да буоллар уоллаах кыыһын соҕуруу ыытан үөрэттэрбитэ, тугу булбутун сыыһын мунньан оҕолоругар ыыта турара. Куоракка олохсуйа киирэн баран, кинигэ маҕаһыыныгар дьиэ хомуйааччынан, олох кэлин «Сардаана» фабрикаҕа иистэнньэҥинэн үлэлии сылдьан пенсияҕа тахсыбыта. «Сардаанаҕа» үлэлии сылдьан саха национальнай ииһинэн дьарыктанан быыстапка тэрийэн киэҥ сэҥээриини ылан талаана арыллан барбыта. Кыыһа Марта идэтинэн тутуу инженерэ этэ. Кинилэр иккиэн архыыптары, музейдары хасыһан сахалыы тигии техникатын, үгэстэрин үөрэппиттэрэ. Анастасия Егоровна үлэлэрэ ол түмүгэр Саха сиригэр, Россияҕа, кыраныысса таһыгар тиийэ быыстапкаларга көрдөрүллүбүттэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Сахабыт сиригэр киниэхэ тэҥнээх иистэнньэҥ суох. Тигэр сиигэ ырааһа, оһуора сиэдэрэйэ, быһыыта тупсаҕайа — бары өттүнэн үрдүк таһымнаах үлэлэр. Билигин музейдарга эрэ көрүөххэ сөп.

Анастасия Егоровна — Россия художниктарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын искусствотын  үтүөлээх үлэһитэ, «Кыһыл көмүс сүүтүк» бириэмийэ лауреата. Үөрэҕэ суох саха дьахтарыгар бу сүҥкэн ситиһии.
Эллэй оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн,  Москваҕа Суриков аатынан художественнай институкка Е. Кибрик мастарыскыайыгар үөрэммитэ. Өссө Дьокуускайга училищеҕа үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһа хореография отделениетыгар үөрэнэр Евдокия Федотовна Толстоухованы булбута.
Эллэйдээх Евдокия ииппит уонна төрөппүт кыыстаахтар. Ииппит кыыстара Анисия Романовна Романова Намнааҕы типографияҕа 30-тан тахса сыл үлэлиир. Кыыстара Элеонора идэтинэн историк, Емельян Ярославскай аатынан музейга учуонай-секретарь. Сиэннэрэ Тимур, Сэмэнчик үлэ, үөрэх дьоно, хос сиэнэ Машенька — кырачаан киһи.
Оччолорго художниктар, артыыстар бары биир училищеҕа үөрэнэллэрэ. Евдокия Чурапчыттан төрүттээх тулаайах кыыс этэ. Үөрэҕин бүтэрэн Саха театрыгар үлэлээбитэ. Саха бастакы балериналарыттан биирдэстэрэ. «Чурумчуку», «Барышня и хулиган» сүрүн партиялары толорбут. Кэлин педагог-репетитор буолбута.

Эллэй Семенович сахалартан бастакы график, саха графикатын омук сиригэр тиийэ аатырдыбыта, элбэх эдэр графиктары ииппитэ ол иһин «Саха графикатын аҕата» диэн ааттаабыттара.

Биһиги биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит Эллэй Сивцев төрдүн-ууһун кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник.

Светлана ОХЛОПКОВА, Намнааҕы музей директора.

Ахсынньы 27 күнэ. 2003 с.