Петр Сокольников, Ленскэй нэһилиэк баһылыга:
— Бүгүн бүттүүн Саха сирэ ытыктыыр, убаастыыр, таптыыр бастакы Президеммыт Михаил Ефимович Николаев сирдээҕи олоҕо түмүктэннэ.
«Бастыҥ», «Чулуу» Михаил Ефимович Николаев аатын кытта ситимнэнэр. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх Михаил Ефимович Сахабыт сирэ бары хайысхаҕа сайдыылаах буоларыгар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырыгар үүнүү, дабайыы чиҥ тирэҕин олохтообута.
Чугас дьонугар, аймахтарыгар, республика олохтоохторугар кутурҕаммытын тиэрдэбит!