Саха сирин ыччата Хатырыкка муҥхалаата

Нам улууһун Хатырыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат муҥхата тэрилиннэ.

Ол курдук, «ZEMA» Саха сирин улуустарын ыччаттарын түмсүүлэрин холбоһуга уонна «ОССО» М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуон Сэбиэтин холбоһугун актыбыыстара Ыччат муҥхатыгар көхтөөх кыттыыны ылбыттарын улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат отделын салайааччыта Екатерина Евстафьева этэр.

«Ыччат Муҥхата үтүө үгэскэ кубулуйан сылын ахсын ыытыллар. Быйылгы муҥха киэн туттар чулуу киһибит Максим Аммосов-Чаҕылхай Махсыым дойдутугар тэрилиннэ.

 

Саха сирин ыччатын иилээн-саҕалаан «ZEMA» салайааччытын аппаратын салайааччыта Александр Ноговицын аҕалла», — диир Екатерина Сергеевна.

Харысхан Попов

Читайте дальше