Саха уолаттара дойдуну чиэстээхтик уонна Дьоруойдуу көмүскүүллэр

Өстөөх бойобуой  техникаларын үлтү кумалаабыт “Алеша” тааҥка экипаһын Россия Президена Владимир Путин наҕараадалаата. Экипажка Саха сириттэн Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев бааллар.

Юрий Слепцов:

Президент Владимир Путин илиититтэн наҕарааданы туппут саха уолаттара кыргыһыыны толкуйдаахтык, мындырдык ыыппыттара долгутар. Россия Дьоруойдара Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев састааптаах экипаж “Алеша” тааҥканан аҕыс Украина бронетехникатын (икки тааҥка, биэс байыаннай техника) үлтү сынньыбыт видеолара аан дойдуну куйаар ситиминэн тилийэ көппүтэ. Бу буолар, эр киһи, буойун ыһыктыбат кытаанах санаата!

Тааҥка сыала хайа диэки туһаайарыттан наводчик-оператортан улахан тутулуктаах. Наводчик-оператор Алексей Неустроев туһунан экипаж хамандыыра “Киниэхэ 100 бырыһыан эрэнэбин, итэҕэйэбин” диэн аҕыйах тыллаах этиитэ элбэҕи быһаарар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Алексей Неустроев Эҥсиэли хочотугар, Хатыҥ Арыы сиригэр-уотугар күн сирин көрбүтэ. Соҕотох “Алеша” тааҥка өстөөххө уот анньан модун күүһү аан дойдуга көрдөрбүтүн истэннэр, аймахтара, Хатыҥ Арыы, Нам улууһун олохтоохторо долгуйа үөрбүттэрэ.

Саха норуотун уолаттара Россия байыастарын кэккэлэрин хаҥатаннар, Дойдуну чиэстээхтик уонна Дьоруойдуу көмүскүүллэрин, өстөөххө этиҥ эппитинии кимэн киириилэрин истэр, көрөр биир дойдулаахтара киэн туттабыт!

Сунтаартан төрүттээх Филипп Евсеев биллэр суолунан, эчэйии ылан аата ааттаммакка хаалыаҕын, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тус бэйэтинэн баар быһыыга-майгыга ылсыбыта.

Бүгүҥҥү күҥҥэ, Саха сирэ биир чиҥ өйү-санааны тутуһуохтаах. “Тус-туһунан” диэн тылы туттубакка, итинник өйдөбүлү үөскэппэккэ, сахалар бииргэ буолуохтаахпыт, иннибит диэки сырдыгы ыраҥалаан эрэллээх харахпытынан көрүөхтээхпит. “Саха сиригэр сомоҕолоһор, түмсэр кэм” диэн санааны өрө тутуохтаахпыт!

Бэйэбит уолаттарбыт, Дойду дьоруойдара бу этиини бигэргэтэн олус сөптөөх бэргэн этиинэн тоһоҕолууллар: “Биһиги дойдубут туһугар бэриллибит соругу толоруохпут, кыайыы туһугар “үлэлиэхпит”.

Биллэн турар, байыаннай дьайыы төһө кыалларынан түргэнник түмүктэнэн, уолаттарбыт эргиллэн кэлэллэрин хас биирдии киһи күүтэр. Бу баҕа санааҕа мин өйүм-санаам эмиэ холбоһор: эйэлээх олоҕу салгыы тутуу, олоруу.

Булугас өйдөөх, түргэн толкуйдаах айылҕалыын алтыһар мындыр Саха норуотуттан Дьоруойдар тахсыбыттара, тахсаллар, тахсыахтара!

Харысхан Попов

Читайте дальше