Билигин хас биирдии киһи сарсыардата ватсаабы көрүүттэн саҕаланар диэтэххэ, омун буолбатах. Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ туох буола турарын интернеттэн тэттик сонуннартан ааҕан билэрбит олохпут чахчыта буолла. Оччоҕо кумааҕы хаһыаттар, сурунааллар туохха наадаларый диир ордук эдэр көлүөнэ дьон бааллар.
Билигин хаһыаты, сурунаалы ааҕыы ис баай эйгэлээхтэр эрэ төрөөбүт тылларын сомсор, эттээх, дириҥ ис хоһоонноох матырыйааллары, айымньылары ааҕан билэн иҥэринэр духуобунай баайдара, нууччалыы эттэххэ, “роскошь” буолла. Тоҕо диэтэххэ, тэтимнээх олоххо, наадыйар информациябытын интернет кылгас матырыйаалларыттан ааҕан ыларбыт элбээтэ.
“Сахабэчээт” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай автономиялаах тэрилтэтэ аата да этэрин-кэпсиирин курдук, бэчээт тэрилтэтэ — Сахабыт сирин улуустарын отут тоҕус хаһыатын уонна өрөспүүбүлүкэбит “Чолбон”, “Полярная звезда”, “Далбар Хотун”, “Байанай” сурунаалларын, “Забота-Арчы”, “Илкэн” хаһыаттарын таһаарар бөдөҥ медиахампаанньа буолар. “Улус Медиа” – медиахампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ инникилээн иһэр интернет-платформа буолар. Маны сэргэ улуус хаһыаттарын 34 ситимнээх таһаарыылара, 35 телеграм-ханаал баар, социальнай ситимнэргэ үгүс тыһыынча сурутааччылаах 109 аккауннаах.
Хаһыакка, сурунаалга сурутуу кэмэ саҕаланна. Алтынньы 4-14 күннэригэр чэпчэтиилээх сурутуу ыытыллыаҕа. Бу кэми туһанан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, саха тыллаах аҕааччыларбыт “Сахабэчээт” таһаарыыларыгар хото суруйтарар кыахтааххыт.
Бүгүн саха тыллаах таһаарыылар туох суолталаахтарын, “Сахабэчээт” таһаарар бородууксуйаларын туһунан “Сахабэчээт” бөдөҥ медиахампаанньа салайааччыта Ньургуйаана Михайловна Стручкова кэпсиир.
Хаһыат, сурунаал – төрөөбүт тыл тыыннаах буолуутун мэктиэтэ
«Сахабэчээт» судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтэ саха тылын харыстыыр, сахалыы тыллаах таһаарыылары – хаһыаттары, сурунааллары элбэтэр туһугар, ааҕыыны, өйү-санааны иитэр, тарҕатар туһугар туруулаһан үлэлиибит. Бэчээт эйгэтэ, хаһыаттары, сурунааллары бэчээттээн таһаарыы диэн – культура биир туспа араҥата буолар. Улуус хаһыаттара “Сахабэчээккэ” бааллар. Улуустарга барытыгар күн бүгүҥҥэ диэри сүрүн өйү-санааны, бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар буола турар сабыытыйалары, олохторун-дьаһахтарын, дьоннорун-сэргэлэрин тустарынан сонуннары, суруйуулары хаһыаты ааҕан билсэ, араас хайысхаларга гражданскай позицияларын тиэрдэ, санааларын үллэстэ олороллор. Холобур, Алдан оройуонун “Алдан рабочайа” хаһыата 1928 с. тэриллибитэ аҕыйах сылынан үйэ буолуо. Улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бүтүн көлүөнэлэр иитиллэн таҕыстахтара.
Дьон улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар наадыйар дуу, суох дуу диэн быйыл кыһын улахан социологическай чинчийии ыыттыбыт. Ол түмүгүнэн сүүс бырыһыан да буолбатар, хаһыакка, сурунаалга ордук аҕа саастаах көлүөнэ наадыйара билиннэ. Бэчээт бородууксуйаларыгар сурутуу суох буоллаҕына, ону кытта тэҥинэн тыл биир улахан эйгэтэ сүтэн хаалар куттала суоһуур. Тыл – тыыннаах, хамсыыр эйгэ. Оннооҕор аҕам саастаах киһи эрэ барыта тылы толору билэр, туттар буолбатах. Төһөнөн элбэх сахалыы таһаарыы баар да, соччонон төрөөбүт тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтэр.
Билигин аан дойду үрдүнэн киһи-аймах сүҥкэн улахан процесска сылдьар – сыыппараҕа көһөр быыһык кэмэ. Ити сүҥкэн хамсааһыҥҥа мэлиллэн урут илиибитигэр бэриллэр хамнаспыт, кумааҕы харчыбыт электроннай каартаҕа көспүтүн курдук, хаһыат суох буолар кэмэ хаһан эрэ эмиэ кэлиэҕэ. Ол быыһык кэм төһө кээмэйдээх буолара аан дойдуга бара турар хамсааһыннары кытта ситимнээх. Кумааҕы хаһыаттар симэлийэн сүтүүлэрин кытта тыл быһаччы ситимнээх буолан, тылбыт сүтүөн сөп. Онон кумааҕы хаһыаттары сүтэрии быһах биитинэн хаампыкка тэҥнээх, кутталлаах. Сыыппараҕа көһүү киһи-аймахха, ордук аҕыйах ахсааннаах дьоҕус норуоттарга охсуулааҕа чахчы. Билигин судаарыстыбабыт, өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтата, Ил Дархаммыт тылы харыстааһын политикатын ыытар буолан, тыл эйгэтин тутууга хаһыаттар, сурунааллар тахсаллар, ааҕааччыга тиийэллэр. Судаарыстыбаннай өйөбүл суох буоллаҕына, туга да суох хаалабыт.
“Чолбон” уонна “Полярная звезда” – ини-биилэр
Баай үгэстэрдээх, кырдьаҕас “Чолбон” литературнай-уус-уран уонна уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй сурунаал 2026 сыллаахха төрүттэммитэ биир үйэ буолбутун бэлиэтиэҕэ. Саха суруйааччыларын иитэн, ыллыктаан, сирдээн таһаарбыт саха литературатын чаҕылхай сирдьит сулуһа. Саха литературнай тылын сүөгэйин-сүмэтин, сүмэһинин, таһымын тутан кэлбит, күн бүгүн тутан турар суос-соҕотох таһаарыы буолар. Саха дэгиттэр талааннаах классик суруйааччыта Анемподист Иванович Софронов-Алампа алҕаан таһаарбыт, хас эмэ көлүөнэ суруйааччыларбыт салайан, суруйан-бичийэн, иитиллэн тахсыбыт, саха норуотун өйүн-санаатын ииппит сурунааллара. Оччоттон баччаҕа диэри саха суруйааччыларын саҥа айымньылара аан бастаан “Чолбоҥҥо” тахсаллар. Биһиги киэн туттар суруйааччыларбыт айымньыларын “Чолбон” ааҕааччыларыгар анаан таһааралларыгар наһаа махтанабыт. Эһиил саха литературата төрүттэммитэ 125 сыла. Онно анаан саҥа сонун матырыйааллар тахсыахтара. 2025 сыллаахха саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов саҥа айымньыта бэчээттэниэҕэ. Саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева, саха норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Тумат саҥа айымньылара бэчээттэниэхтэрэ. “Чолбон” дьону, ыччаты ааҕыыга угуйар сонун оонньуулары, викториналары тэрийэр. Быйыл “Чолбон өй күрэһэ” диэн дьиэ кэргэнинэн саха литературатын ааҕыыга сонун күрэһи уон биир улууһунан сылдьан уонна Дьокуускайга тоҕус уон ыалы хабан тэрийдэ. Түмүктүүр түһүмэх “Саха” НКИХ ханаалыгар быһа эпииргэ ыытыллыбыта. Таатта Баайаҕатыттан Кустуровтар дьиэ кэргэн кыайан, Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканы тутан, дьиэ кэргэнинэн сынньанан, астынан кэлбиттэрэ, махталларын тиэрдибиттэрэ. Литература маннык күрэһин 2025 с. салгыахпыт. Сүрүн бирииһи Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство аһаҕас акционернай тэрилтэтэ салгыы туруорар санаалаах.
“Чолбон” иһинэн Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин кытта сурунаалы төрүттээбит бастакы эрэдээктэр Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан бириэмийэ олохтоммута. Сыл түмүгүнэн түөрт жанрга уһулуччу суруйууларга биэс уон тыһыынча кээмэйдээх бириэмийэни Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Петр Егорович Захаров саха литературатын сайдыытын өйөөн, улахан кылааты киллэрсибитигэр улахан махталлаахпыт. Литература кириитигэ Василий Никитич Протодьяконов аатынан бириэмийэни аймах дьоно кириитикэҕэ олохтоон бастаан бүтүн сылгыны, быйыл иккиһин харчынан туттарбыттара. Тылбааска бириэмийэни Горнай улууһун баһылыга Никита Викторович Андреев олохтоото. Бириэмийэтэ ботуччу. Онон кириитикэҕэ уонна тылбааска кыттыһан үлэлэһэргэ ыҥырабыт.
“Чолбоҥҥо” кэлиҥҥи сылларга үлэлээбит каадырдарбытыттан Утум Захаров икки бэртээхэй айымньыта – “Коркин. Андаҕар” уонна “Маһары. Ыраахтааҕыга айан” диэн пьесата П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрын сценатыгар туран көрөөччү кэрэхсэбилин ылла. Драматургияҕа саҥа аат баар буолла. Эмиэ сурунаалга үлэлээбит Надежда Ильина Саха театрыгар литература чааһын салайар. Кини киинэ сценарийыгар үлэлии сылдьар. Кини сценарийынан “Мэхэлэчээн булчут” киинэбит уһулла сылдьар.
Сурунаалы бэйиэт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов-Хабырыыс Ондорооос салайар. Саха билиҥҥи суруйааччылара Данил Макеев, бэйиэт Рустам Каженкин, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы үлэлииллэр. Редколлегияҕа сурунаалга саха норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Тумат, Саха сирин Суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Гаврильевич Сидоров, литературовед Саргылаана Ноева, бэйиэт Ангелина Шадринова-Суоһааны бааллар, сурунаал сайдыытыгар сүбэ-ама биэрэллэр.
Сэттэ уонус сылларга саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Семен Петрович Данилов литература тылбааһын бюротун төрүттээн, саха ыччатын Москваҕа М. Горькай аатынан литература институтугар үөрэттэрэ ыыппыта. Үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр дьон саха литературатыгар ааттаах-суоллаах, тус-туспа суоллаах-иистээх айар дьон буолан тахсыбыттара. Кэлин тылбаас үлэтин күүһүрдээри Александр Николаевич Жирков иккис көлүөнэ үөрэнэрин көҕүлээбитэ. Бастакы көлүөнэҕэ литература институтугар ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит идэтийбит биллиилээх тылбаасчыт Аита Ефимовна Шапошникова үөрэммит кыһатыгар иккис көлүөнэ саха ыччатын уһуйда. Түөрт оҕо уһуйуллан таҕыста. “Чолбон” сурунаал редакциятыгар быйыл М.Горькай аатынан Москватааҕы литература институтун бүтэрэн, Настя Еремеева уонна Лиля Иванова үлэҕэ киирдилэр. Кинилэргэ эрэлбит улахан.
“Чолбон” үбүлүөйдээх суруйааччыларбытыгар анабыл нүөмэрдэри таһаарар, историческай уочаркалар тахсалларыгар эмиэ үлэлэһэр. Россия норуоттарын аныгы литературатын суруйааччыларын айымньыларын тылбааһа тахсар. Казах, татар суруйааччыларын айымньыларын тылбаастара тахсыбыттара. Норуоттар икки ардыларыгар өйдөһүүнү, литературанан доҕордоһууну, тыл, литература сайдыытын түстүүр үлэ салҕаныаҕа.
Сурунаал ахсыс нүөмэрэ эдэр саҕалааччылар нүөмэрдэрэ, манна эдэр ааптардар айымньыларын, ырытыыларын сэргээн ааҕыаххыт.
Саха тыллаахтары “Чолбоҥҥо” сыллааҕы сурутууга суруйтарарга ыҥырабыт. Сурунаал хас биирдии нүөмэригэр ааҕааччыны тардар, угуйар бииртэн биир ураты айымньы, тылбаастар, сонун уочаркалар, ырытыылар тахсыахтара. “Чолбон өй күрэһигэр” бэлэмнэнэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.
“Полярная звезда” саха литературатын, өйүн-санаатын киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах-соруктаах үлэлиир сурунаал. Өссө 1925 сыллаахха Василий Никанорович Леонтьев эрэдээтэрдээх “Якутские зарницы” диэн нууччалыы сурунаал тахсыбыта. 1954 сыллаахха “Хотугу сулус” бастакы “Полярная звезда” диэн нууччалыы нүөмэрдэрэ тахсыбыта. 1956 сыллаахтан официальнайдык нууччалыы тылынан тахсар. “Чолбон” сурунаалы кытта тэбис-тэҥҥэ баран иһэр. Бас эрэдээктэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Семенович Доллонов. Сурунаалга бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх суруйааччы Ираида Гаврильевна Попова үлэлиир. Сурунаал Саха сирин нууччалыы тыллаах суруйааччыларын саҥаттан саҥа айымньыларын бэчээттээн таһаарар, бырааттыы норуоттар суруйааччыларын айымньыларын билиһиннэрэр. Сурунаал инникитин киэҥ эйгэҕэ, федеральнай бэчээт эйгэтигэр тахсыаҕа.
“Чолбон” уонна “Полярная звезда” литература сурунаалларын бииргэ тутан, сэргээн ааҕыҥ, сурутуҥ, билиҥҥи литератураны кытта тэҥҥэ хардыылааҥ.
Чуолаан саха тылын, литературатын, культуратын учууталларыгар этиэм этэ – хас биирдии саха тылын, литературатын, культуратын учуутала “Чолбон” уонна “Полярная звезда” сурунааллары сурутан ааҕан, аныгы литература долгунугар тэҥҥэ баар буолуохтаах, үөрэнээччилэригэр тиэрдэн, такайан, ырытыһыахтаахтар, редакция үлэтигэр суруйан, санааларын үллэстэн кыттыһыахтаахтар. Оччоҕо өй-санаа өттүнэн сайдыах, биир сыаннастарынан бөҕө ситимнэниэх этибит.
“Байанайдаах” буолуҥ
“Байанай” сурунаал иккис тыынын ылан, сайдар кэскиллээх
Өбүгэлэртэн утумнаан булду, балыктааһыны дьарык оҥостубут, булчут, балыксыт хааннаах саха эр дьонун аргыһа буолбут “Байанай” сурунаал уостан, сабыллан эрдэҕинэ, сахалыы тыллаах кэрэхсэбиллээх таһаарыы – сурунаал хаалыахтаах, баар буолуохтаах диэн санаанан салайтаран, “Сахабэчээт” “Байанайы” бэйэтигэр ылан, иккис тыыннаата. Сурунаал ааҕааччыларын сөбүлүүр хайысхалара, рубрикалара, олохсуйбут үгэстэрэ оннуларынан хаалан салгыы сайдар кыахтаннылар. Сурунаалы төрүттээбит, салайбыт кылаабынай редактор Юрий Петрович Борисов бэйэтинэн үлэлии сылдьар. Сурунаал редакциятыгар өрөспүүбүлүкэ биир улахан уопуттаах,кырдьаҕас суруналыыүа Василий Михайлович Никифоров үлэлиир. Урукку ааптардар бары хаалан, сурунаал үлэтигэр салгыы үлэлэһэр, айар-тутар санаалаахтар, былааннаахтар.”Байанай” “Сахабэчээт” бэйэтин үбүгэр кыбаарталга биирдэ тахсар буолуоҕа. Новосибирскай типографиятыгар бэчээттэнэр. Үрдүк хаачыстыбалаах кумааҕыга бэчээттэммит уран хаартыскалардаах, сэргэх сонуннардаах, кэрэхсэбиллээх сэһэннээх-сэппэннээх сурунаал ааҕааччылары тардарын туһугар дьулуһабыт. “Сахабулт” ФАПК АО тэрилтэ (сал. Виктор Яковлевич Пермяков) өйөбүлүнэн быйыл сурунаал сурутааччыларыгар булт көрүҥнэригэр лицензия ылар быраабы ылыыга лоторея ыыттыбыт. Маннык лоторея салгыы эмиэ оонньонуоҕа. Лотореяҕа сүүйбүт ааҕааччыга лицензияны мэһэйэ, уочарата суох атыылаһар кыах бэриллэр.
«Байанай» эһиилги сылга былаана киэҥ. Булт-алт, сэһэн-сэппэн сообществота баар буолуо. Сурунаал сирэйдэригэр саҥа сокуоннар, уларыйыылар, саҥа ньымалар, быһаарыылар, о.д.а. баар буолуохтара. “Байанайы” ахтыбыттар, саҥа эдэр сэргээччилэр 2025 сылга “Байанайдаах” буолуҥ, суруттаран, дьиэҕитигэр уура сылдьан ааҕыҥ, олоххутугар туһаныҥ, ыччат дьоҥҥутугар аахтарыҥ, уолаттаргытын өбүгэ үгэстэригэр, сахалыы тыыҥҥа иитиҥ.
Валентина Бочонина