Сахабыт сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр ыал ийэтин үөрүүтэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр «Көмүлүөк» фирма бырааһынньыктааҕы улахан тэрээһинигэр онлайн-куонкурус түмүгүн таһаарда. Манна Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо, «Тускул» уһуйаан үлэһитэ Екатерина Максимова ситиһиилэнэн сырытта. Кини «Көмүлүөк» фирма телеграм ханаалын сурутааччыта буолан 12 нүөмэринэн кыттыбыта. Онно видеоролик устан уонна маннык быһаарыылаан ыыппыта:

«Мин, Максимова Екатерина Егоровна, Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр олоробун, «Көмүлүөктүүн бииргэ-Көмүлүөгү таптыыбын» күрэххэ кыттарга сананным. Көмүлүөктэн сөбүлүү көрбүт иһиттэрбин атыылаһабын, олус астына -дуоһуйа туттабын.

«Көмүлүөк» сахалыы иһитэ
Дьэрэкээн бэйэлээх ойуута,
Өбүгэ олоҕун кэпсиирдээх
Сандалы остуолу киэргэттэ!
Ойуубут-мандарбыт — харысхал,
Кымыстаах чорооммут алгыстаах!
Дьиэ кэргэн барыбыт үөрүүтэ
«Көмүлүөк» истиҥ бэлэҕэ!»

— Бу күрэх балаҕан ыйын 9-26 күннэригэр Дьиэ кэргэн сылынан онлайн буолан ааста.

Сандалыны «Көмүлүөк» иһитинэн-хомуоһунан киэргэтэн, сервировкалаан ууруу, сахалыы иһитинэн, өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан ыалдьытымсах саха ыалын көрдөрүү, сахалыы аһы-үөлү билиһиннэрии этэ.
Кыттааччы күрэххэ хаартыска, эбэтэр видео устан ыытыахтааҕа. Мин видео ыыыппытым, онно балыстарым Мария, Лена Максимовалар көмөлөспүттэрэ. Күрэххэ «Кытыл» түөлбэм, үлэлиир коллективым, нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ күүстээхтик өйөөн куолас биэрбиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын», — диэн үөрүүтүн үллэстэр «Бастыҥ дьүһүйүү» анал аат кыайыылааҕа буолбут сахалыы сайаҕас майгылаах Далбар Хотун, нэһилиэк общественнига Екатерина Максимова.

Мария Винокурова

Читайте дальше