Татарстан киин куоратыгар Бүтүн Россиятааҕы lll Трансплант оонньууларга Саха сириттэн кытта барбыттар.
Манна Хамаҕатта нэһилиэгиттэн Маргарита Охлопкова делегация састаабыгар киирэн күрэхтэһэ сылдьар. Киниттэн үөрүүлээх сонуну туттубут:
Казань куоракка бу ый 16-18 күннэригэр Россия 14 регионуттан уонна Белоруссияттан 240 тахса трансплант-спортсменнарга 11 көрүҥҥэ, ол иһигэр биирдиилээн бастыыр иһин боулиҥҥа, бадминтоҥҥа, остуол тенниһигэр, харбааһыҥҥа, скандинавскай хаамыыга, дартска, саахымакка, ону тэҥэ хамаанданан баскетболга, волейболга, мини-футболга күрэхтэр буолаллар.
Үөрүүлээх аһыллыы бириэмэтигэр Россия кылаабынай трансплантолога Сергей Готье донордаабыт дьоҥҥо “Дарящему часть себя” өйдөбүнньүк махтал бэлиэтин уонна диплому туттартаата, олох бэлэхтээбит хаан-уруу донордарга махтанна.
Маргарита Охлопкова дартс көрүҥэр кыттан, Сахатын сирин хамаандатын копилкатыгар кыһыл көмүс мэтээли киллэрбит, тренеригэр Егор Бурнашевка эҕэрдэтин ыытар. Дартска хамаанда спортсменнара барыта 5 мэтээлгэ тиксибиттэр, онтон 3 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ, 1 боруонса.
Мария Винокурова