Сайдыы туһугар ис дууһатынан үлэлээбитэ

Бүгүн, от ыйын 19 күнүгэр, киэн туттар биир дойдулаахпыт, 1979-1988 сс. народнай депутаттар оройуоннааҕы Сэбиэтин исполкомун председателинэн үлэлээбит Василий Никифорович Жирков төрөөбүтэ 85 сылын туолла.

Василий Жирков Нам улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар сыратын-сылбатын ууран туран сүдү кылаатын киллэрбит киһинэн буолар. Кини председателинэн үлэлиир кэмигэр улууспут сайдыыта тэтимирбитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Райсэбиэккэ коллективтарын икки ардыгар эн-мин дэһэн үлэлээн, биир сомоҕо буолан олох бары эйгэтигэр үгүһү ситиспиттэрэ.

Намҥа көһөн кэлиэн иннинэ Министрдэр Сэбиэттэригэр көмөлөһөөччүнэн, инструкторынан, ССКП обкомугар үрдүкү салайааччыларга тутуу салаатыгар, тыа сирин тутуутун салайсыбыт буолан билиитэ-көрүүтэ киэҥ, баай уопуттаах этэ. Кини бэйэтэ тутааччы үөрэхтээх буолан, сатабыллаах салайыытын кэмигэр тутуу, гаастааһын, суол тутуута оччотооҕу кэмҥэ көдьүүстээхтик быһаарыллыбыттара. Ону сэргэ улуус киинин генеральнай былаанын схематын бигэргэттэрбитэ эмиэ биир улахан үлэнэн буолар.

Нам улууһугар оччолорго Нэлэгэр бааһынаҕа 1983 сыллаахха гааһы тарҕатар станция оҥоһуллубута. Ол кэмтэн ыла гааһы тарҕатар пууннар тутуллан, гаас ситимнэрэ тардыллан, 1985 сыллаахха дьиэлэргэ күөх төлөн умайбыта. Бу үлэҕэ барытыгар Василий Никифорович сыралаах өҥөтө бэрт улахан.

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр биир ураты болҕомтону уурара. Быраҕыллыбыт сирдэри, сайылыктары сөргүтүү, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ күүскэ ыытыллыбыттара. Совхозтар үлэлэрэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллан, үгүс ситиһии кэлбитэ, Нам улууһа республикаҕа элбэхтик бастыҥынан ааттаммыта. Туруорбут былааннарын, соруктарын уһулуччулаахтык толороллоро.

Бэйэтэ тыа оҕото буолан тыа сирин олоҕун уйгута тупсарыгар, дьон-сэргэ бары өттүнэн хааччыллыылаах буоларын ситиһэ сатыыра. Өрөбүлү аахсыбакка улууһум туһа, дойдум туһа диэн үлэлиирэ. Нэһилиэнньэни кытта алтыһан кэпсэтэрин, кинилэр санааларын, этиилэрин истэрэ. Кыһалҕаларын быһаарыыга ис дууһатыттан кыһаллара. Кадрдары иитэн таһаарыыга болҕомто ууран олус кыһаллара. Бэйэтин кэмигэр аҕа сүбэһиттэрдээх буолан, эдэр оҕолорго куруук сүбэ-ама, холобур буолара.

Ыччат патриотическай тыыннаах буола иитиллэн тахсарыгар күүһүн-күдэҕин ууран туран үлэлиирэ. Оччолорго сэрии, тыыл ветераннарын кытта ыкса ситимнээх сибээс олохтоон билсэ-көрсө олороро.

Киһи быһыытынан олус элэккэй, сытыары сымнаҕас киһи этэ диэн бары ахталлар. Коллективыгар ытыктанар, убаастанар үтүө киһи этэ. Оттон тапталлаах кэргэн, амарах аҕа быһыытынан эмиэ олус кыһамньылаах, оҕолоругар, сиэннэригэр истиҥ сыһыаннаах этэ диэн дьиэ кэргэнэ ахтар-саныыр.

Улууспут сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах киһибит үтүө аатын үйэтитэргэ улууска үгүс үлэ ыытыллар. 1999 сыллаахха төрөөбүтэ 60 сылыгар Нам сэлиэнньэтигэр Север-1 кыбаарталга Сосновай уулуссаҕа Василий Жирков аата иҥэриллибитэ. Олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска ыйаммыта. Ону сэргэ бу бээтинсэҕэ ахтыы күнэ ыытыллыаҕа. Тутааччы күнүн чэрчитинэн Василий Жирков аатынан уулуссаҕа мемориальнай дуоска туруорарга сыал-сорук турар.

Дойдутун туһугар чиэстээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбит-хамнаабыт, айбыт-туппут киһибит үтүө сырдык аата ааттана туруохтаах. Кини холобуругар кэлэр кэнчээри ыччаппытын иитиэхтээхпит. Маннык сатабыллаах, айылҕаттан айдарыылаах салайааччы үлэлээн ааспытын биһиги көлүөнэ эрэ буолбакка, улууспут, республикабыт ыччата бары билэллэрин, киэн тутта ааттыылларын ситиһиэхтээхпит.

Василий Никифорович улууһун туһугар үгүс элбэҕи оҥоруохтааҕын, ситиһиэхтээҕин Дьылҕа хаан ыйааҕа кытаанах буолан, хомойуох иһин, олох эдэрчи сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Кини сиппэтэҕин, толорботоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ситэриэхтэрэ, толоруохтара.

Оттон биһиги ытык иэспит – сүдү киһибит аатын үйэтитии, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдии буолар.

Юрий Слепцов, Нам улууһун баһылыга