Нам улууһун кэтэх хаһаайыстыбалаахтара сайыҥҥы сылаас күннэри мүччү туппакка от үлэтин үөһүгэр сылдьаллар. Ол курдук, өбүгэлэрбит эппит “сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар” диэн этиилэрэ билигин да тутуһуллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ, Ленскэй нэһилиэк ынах сүөһүнэн дьарыктанааччылара 156 төбөлөөхтөрүттэн 58-һа ынах уонна дьиэ кыылыгар быйыл 24 ньирэй эбиллэр. Оттон сыспай сиэллээхтэри көрдөххө, 241 сылгыттан 185-һа биэ буолар. Сылгыга быйыл төрүөх мөлтөһүөр соҕуһа этиллэр. Бэлиэтээтэххэ, кэлиҥҥи сылларга ыаллар үксэ дьиэ кэргэн экономикатынан дьиэ көтөрдөрүн хото иитэллэр эбит. Ити курдук, бу салааҕа тустаах программа хаһыс да сылын үлэлээн сайдыбыта көстөр.
“Быйыл Валерий Тимофеев салайааччылаах бааһынай хаһаайыстыба 100 т оту оттуура былааннанар. Оттон кэтэх хаһаайыстыбалаахтар – 480 т. Күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, билиҥҥи техника үйэтигэр сылы тахсар оту булунуохтарын сөп. Күн-дьыл эрэр туран биэриэн наада”, – диир олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Саргылана Федорова.
Билиҥҥи туругунан, намнар 25 т оттоохтор. Оччотугар оттооһун 13% быраһыаҥҥа тэҥнэһэр. Оттон былырыыҥҥыны көрдөххө, от өлгөмнүк үүммүт буолан дьон сылы тахсар отун булуммут. Чопчулаатахха, Нам сэлиэнньэтигэр оттуур сир кырыымчыгын ааһан, төрүт да суоҕун специалист Саргылана Федорова этэр. Ол иһин, ходуһалара суох сүөһүлээх дьоннор бэйэлэрин күүстэринэн ыаллыы сытар нэһилиэктэринэн оттуу айанныырга күһэллэллэр.
Ленскэй нэһилиэк пресс-сулууспата