Салбаҥ нэһилиэгин аатырбыт кырдьаҕастарын кыра сылдьан көрүтэлээбиппин билигин да умнубаппын. Кинилэр тустарынан, кыратык да буоллар, өйбөр туох хаалбытын кэпсээн аһардахпына табыллыыһы.
Дөйөкө – Спиридон Винокуров туһунан өрдөөҕүтэ Г. Кокорев суруйан турар. Ити кырдьаҕас Хамаҕатта нэһилиэгин сайылыгар «Бырдьакыга» «Иирээки Настаа» диэн ааттыыр эдэрчи дьахтары хааннаабытын бу баардыы өйдүүбүн. Сайын итии баҕайы күн этэ.
Спиридон оҕонньор Настааны тэлгэһэ ортотугар олоппоско олордубута. Настаа баттаҕын төбөтүн оройун диэкинэн кыптыыйынан кырыйан баран бириэйдээбитэ, уунан сууйбута. Кыра көҥдөй муоһу ол миэстэтигэр умса ууран, тарбаҕынан хайаҕаһын бүөлүү-бүөлүү хаста да төхтүрүйэн оборон соппойбута. Муос көҥдөйө төбө тириитин куйахатын лоппоччу тардыбытын кэннэ, муоһун ылан сиэбигэр уктубута. Түөһүн сиэбиттэн таҥас суулаах малы ылбыта. Суутун сүөрбүтэ, кылабачыгас кубик курдугу ылан, ол кубигы уһун синньигэс хас да аһаҕас хайаҕастардаах өттүнэн Настаа төбөтүн лоппоччу үллүбүт сиригэр уурбута. Кэтэспит санаабар, наһаа өр тугу эрэ баллыгырыы-баллыгырыы миэстэтин, дьэ, булларда быһыылаах. Оттон ол кубик үөһээ өттүгэр баар чороҕорун туора тардарга дылы гыммытыгар «чырк» гынар тыас иһиллибитэ. Кубигын ылбытыгар лоппоччу үллүбүт сиргэ биэс-алта сиринэн хайа сотуу суол көстүбүтэ. Ол баастартан бастаан хап-хара хойуу хаан мөлбөйөн түспүтэ. Кэнникинэн хаана сырдаан кытаран барбыта. Бу хааны барытын тааска тоһуйан, санаабар, сүрдээх элбэҕи түһэрбитэ.
Ол төбөтүн хаана кэлэрин хайдах тохтоппутун, куттанан тэйэн биэрэн көрбөтөҕүм. Дьэ, ол кэнниттэн быһыччатын ылан, Настаа чэчэгэйин тымырын быһыччатын төбөтүнэн быһа соппута. Эмиэ хара хаан мөлбөйөн иһэн убаан, сырдаан тырдырҕаччы тэбиэлээбитинэн барбыта. Ону оҕонньор сөмүйэтин төбөтүгэр силлээбитэ буолаат, тымыры кыратык баттаабыта буолла да, хаан кэлэрэ тохтоон хаалан соһутта. Настааҕа: «Тукаам, дьиэҕэ киирэн сытан сынньан, үтүөрүөҥ», – диэтэ. Кырдьык, Настаа ити кэнниттэн үтүөрэн, «Иирээки» диэн аата хаалан, хотун хаан буолан дьонун дьаһайбытынан барбыта. Дьөрү тумуулаабакка да кэлин кырдьан өлбүтэ.
Иккис сүгүрүйэр, ытыктыыр киһим Василий Протопопов – Кыахаан буолар. Бу кырдьаҕаһы Сэбиэскэй былаас кэмэ буолан, ойууннааһын араас бобуулаах кэмигэр, балтым тартаран ыалдьыбытыгар кистээн ыҥыран ыллаппыттара. «Бөлөҕөс» арыыга киэһэ «дьэ, айдааран, утуктаан көрөөрүҥ эрэ, «Кырдьаҕас» кэлэр, адьас быччаҥнаһымаҥ» диэн сэрэтии кытаанаҕа. Баһылай кырдьаҕас киэһээ сардаанаҕа куурда уурбут дүҥүрүн ылла. Ол иннинэ мин эдьиийим (кыра уҥуохтаах дьахтар) ырбаахытын бөдөҥ-садаҥ оҕонньор хоп курдук, алдьаппакка кэтэн кэбиспитэ. Дьэ, дүҥүрүн ылла, иһиллиирдии тутунна, оһох кэннин диэки хайыһан туран иһиирэн чуһуурда. Оттон эмиэ иһиллээтэ. Дьэ, ол кэнниттэн сыыйа, иннигэр-кэннигэр сылдьар эрэстииннэрин, үөһээттэн өҥөйөр, алларааттан аҥаарар, күлүккэ күлүгүлдьүһэр иччилэрин, ыраах да буоллаллар, кэлэн кэпсээн ааһалларыгар көрдөһөр. Оттон ыллаан, үҥкүүлээн кутуран барда. Көмүлүөк оһох уота сөҕүрүтүллэн барык-сарык хараҥаҕа ынырыга сүрэ. Биһиги, оҕолор, куттаныы бөҕө. Ол да буоллар, сарсыарданан утуктаан бараары гыннахпытына, дьөлүтэ анньан, оройго биэрэн уһугуннаран иһэллэрэ.
Хойутаабыта, ыарыыта наһаа ылбыта бэрт буолан, балтым эрэйдээх өрүһүллээхтээбэтэҕэ. Онно Баһылай оҕонньор туох буруйдаах буолуой? Бобуулаах кэм буолан куруук дьарыгырбакка, баҕар, күүһэ-уоҕа мөлтөөбүтэ да буолуо.
Кырдьаҕас араас бааһы, искэни, «көрөр» ыарыыны адьас харахтан мас сыыһын ылардыы үтүөрдэн кэбиһэрэ. Үтүө киһи кэлэн бараахтаабыта. Баһылай сиэннэриттэн, хос сиэннэриттэн, баҕар, тыллаах-өстөөх киһи тахсыа эбитэ дуу? Баһылай уҥуоҕа Араҥаска баар.
Үһүс улуу кырдьаҕаһым Мөччөөн диэн киһи. Билиҥҥэ диэри аатын-суолун билбэппиттэн хомойобун. Оччолорго биһиги Долохоноҕо уһун баҕайы уопсай дьиэ түгэх хоһугар ыалы кытта дьукаахтаһан олорорбут. Арай, биир киэһээ көрүдүөргэ оонньоон тилигирэһэ сырыттахпытына таһырдьааҥы аан аһылынна. Көрдөхпүтүнэ, арай, биир киһи аттаан, сыыллан киирэн эрэр. Мин итирик киһи киирэн эрэр дии санаан, куттанан, хоспор сүүрэн киирдим: «Ийээ, итирик киһи көрүдүөргэ киирэн эрэр, ааны хатыы оҕус», – диэбиппэр, ийэм көрүдүөрү өҥөс гынаат: «Сыччыай, куттаныма, ити Мөччөөн диэн көмүһү кутар улуу уус киһи, Салбаҥтан сылдьар. Атаҕа ыалдьар үһү, ол иһин ити сыылла сылдьар. Сору көрбүт эрэйдээх», – диэн аһына кэпсээбитэ. Көмүс ньуоскаттан ол кырдьаҕас араас дьикти ытарҕалары, биһилэхтэри, тараахтары кутар эбит этэ. Бу кырдьаҕас туһунан биир эмэ билэр киһи хаһыакка сырдата түспэт ээ.
Үтүө дьон аатын үйэтитиҥ, кэс тылла этиҥ, кэннигитигэр суолла хаалларыҥ. Ыччаттаргытыгар дойдуларын, дьоннорун туһунан кэпсээҥ, сыыһа туттумаҥ, хойутаамаҥ!
Макар ЖИРКОВ, Салбаҥ
«Эҥсиэли», 1999 с., кулун тутар 11 к.