Салбаҥҥа суол оҥоһуутун боппуруоһа оннуттан хамсаан эрэр

Салбаҥ нэһилиэгин дьаһалтата уонна тэрилтэлэр салайааччылара сыл устата туох үлэ барбытын, тэриллибитин отчуоттаатылар.

Барыбытын долгутар боппуруоспут, суолбут, оннуттан хамсаан эрэриттэн үөрдүбүт. Ол курдук, сыл аайы айан суолун өрөмүөннүүргэ харчы көрүллэр буолбутуттан.

Оҕо ахсаана аҕыйаан эрэриттэн нэһилиэнньэ дьиксинэрин, арыы собуотун үлэтигэр көрсүллэр кыһалҕалары (үлэһит тиийбэтэ, булуус суоҕа), дэриэбинэ иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһини, тупсаҕай көстүүлээх маҕаһыын аһылларын, эргэ-урба тутуулары көтүрэргэ субуотунньук наадатын ыйдылар. «Дьон үлэлии-хамсыы сырыттаҕына — киһи суобаһа оонньооччу дии», — диэн Анна Егоровна Кривошапкина этэр.

Савва Петровичпыт уотурба, эбиэс, араас симиэстэри аҕалтарыах кэриэтин алаастарбытын, бэйэтэ бэлэм астаах ампаардарбытын, күрүөлээтэххэ хайдаҕый диэн санаатын үллэһиннэ.

Мунньахха кэлбит дьон бары олохтоох дьаһалта 2023 сыллааҕы үлэтин биһирээтилэр.

Татьяна Касьянова