Салбаҥҥа таһаҕасчыт ыарахан үлэтин кэрэһэлиир стела туруоҕа

Бу сайын ТОС күрэҕэр Салбаҥ нэһилиэгэ кыайан, көрүллүбүт харчыга, хайысхаҕа сөп түбэһэр гына нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар бырайыак көмүскээтилэр.

«Кырдал ыала» (сал. А. Третьякова) уонна «Кыыс күөлэ» (сал. Д. Лугинова) бырайыактарын Кыайыы үбүлүөйдээх сылын көрсө оҥорбуттар. Тыыл биир саамай ыарахан үлэтинэн ыраах бириискэлэргэ таһаҕас таһыыта буолбута. Бу үлэҕэ тыллаах-өстөөх, иҥнэн-толлон турбат, бэйэтин кыанар дьону ыыталлара. Таһаҕасчыттар үксүлэрэ аны Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыттара. Кинилэр үтүө ааттарын үйэтитэр стела эскиһин оҥорон аҕалбыттар.

«Кыыс күөлэ» түөлбэ бырайыага кыайан, Кыайыы 80 өрөгөйдөөх сылыгар сквергэ икки миэтэрэ үрдүктээх, үс миэтэрэ усталаах, таһаҕасчыт ыарахан үлэтин кэрэһэлиир стела туруоҕа.

Татьяна Касьянова

Читайте дальше