Салбаҥнар улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирээтилэр

Нам улууһугар 2023 сылга туох үлэлэр ыытыллыбыттарын отчуота Салбаҥ нэһилиэгэр буолла. Олохтоохтор улуус дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайааччы Петр Сергучев салайааччылаах 3-с бөлөх отчуоту сырдатарын иһиттилэр.

“Биир өттүнэн ылан көрдөххө, сайдыы кэлэрэ аҥаардас суолунан эрэ муҥурдаммакка, нэһилиэк оскуолатыгар, уһуйааныгар үгүс оҕо иитиллэн тахсарыттан нэһилиэккэ ыччат дьон тоҕуоруһа олохсуйарыгар улахан олугу биэрэр”, – диир бөлөх салайааччыта Петр Сергучев.

Отчуокка кэлбиттэр суол оҥоруутугар, тыа хаһаайыстыбатыгар санааларын эттилэр. Бүгүн Салбаҥ нэһилиэгин олохтоохторо иһэр ууга ыарахаттары көрсөллөрүн тумна ааспатылар. Кинилэри тэҥэ Искра, Таастаах нэһилиэктэрэ кэккэ уустуктары көрсөллөр. Үөрэх кыһатыгар оскуола-саад тутуутун аҕыннылар. Нэһилиэккэ маҕаһыын суох. Улууска Оҕо спордун сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, спордунан дьарыктанарга инвентарьдар көрүллэллэрэ буоллар диэн баҕа санаа этилиннэ.

Нэһилиэги уунан хааччыйарга техника ылынарга ППМИ олус көмөлөөх буоларын салалта быһаарар. Улуус үгүс нэһилиэгэ, түөлбэлэр ППМИ программанан бэйэлэрин кыһалҕаларын балачча быһааран кэллилэр. Холобура, Партизан нэһилиэгин олохтоохторо тустаах программаҕа ылсан, өйдөөн күүскэ турунаннар нэһилиэктэригэр техника ылбыттара сырдатыллан турар. Манна нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү, иһитиннэрии үлэтэ барара ирдэнэр.

Суол оҥоруута аҕыйах сылынан быһаарыллыбат уустук үлэ. Ол эрээри, манна тура-олоро араас толкуйдар ырытыллалларын Петр Сергучев аһаҕастык этэр. Суол алдьанар кэмигэр, нэһилиэк хаайтарбатыгар вездеход атыылаһыытын үлэтэ ыытылла турар эбит. Көстөн турары туора тумнар сатаммат – урукку сылларга Салбаҥҥа трасса суол оҥоһуллуохтааҕа хаалбытын нэһилиэнньэ өйдүүр. Аныгы тэтимнээх олох сайдарын тухары, тыытыллыбатах, киһи мээнэ тиийбэт сирдэригэр, күүстээх техникалар син биир тиийэллэр. Оччотугар, кэлэри тохтотор, сыл уһатар төрүт наадата суох.

Тыа сиригэр дьон үксүн үүт, эт туттаран ииттинэр. Үүт туттарааччылар быйыл “Эрэл” ТХПК арыы сыаҕын үлэлэппэт буолбут үһү” долгуйаллар. Ол эрээри, тэрилтэ үлэһитэ Николай Гоголев быйыл арыы сыаҕа хайаатар да үлэлиэ диэн чопчулуур. Үүт туттарыытын сыаната үрдүүрүн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Владимир Макаров бигэргэтэр. Отчуоттуур бөлөх Салбаҥ олохтоохторугар ынах-сүөһүлээх дьон кооператив тэринэригэр сүбэ биэрдэ. Ол эрээри, бу салааҕа ылсан үлэлэһэр илии тиийбэтэ улахан харгыһы үөскэтэр.

Тыа хаһаайыстыбатын таарыйбычча, эдэр дьон тыа хаһаайыстыбатыгар тоҕо сыстыан баҕарбатын силиһин-мутугун быһаарар оруннаах кэпсэтиитэ, ырытыыта таһаарыҥ диэн улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Семен Ядрихинскай биир сүбэ мунньахха тыл көтөҕөн турардааҕын өйдөөн кэллим.

Нам улууһугар үөрэх эйгэтигэр Модут, Көбөкөн нэһилиэктэригэр, Нам сэлиэнньэтигэр тутуулар бара туралларын улуус үөрэҕин управлениетын салайааччыта Мария Игнатьева кэпсээтэ. Оҕо кыра сааһыттан эт-хаан өттүнэн кыанар буола улаатарыгар инвентарьдар атыылаһалларыгар үөрэх управлениетыгар сайабылыанньа суруйулларыгар сүбэлээтэ.

“Нэһилиэк быйылгы туруорбут боппуруостарыгар улуус өттүттэн көмө, өйөбүл оҥороргутугар көрдөһөбүт”, – диир баһылык Сахаян Аргунов.

Салбаҥ дьоно-сэргэтэ Петр Сергучев аһаҕас кэпсэтии таһаарбытын сэҥээрдэ, астынна уонна отчуоту биһириирин биллэрдэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше