Нам улууһун киинигэр уонна Модут нэһилиэгэр саҥа таас оскуолалары тутуу тэтимнээхтик ыытыллар. Нам оскуолата дойдубут «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, «СӨ үөрэхтээһинин сайыннарыы» судаарыстыбаннай программанан тутуллар. Оттон Модут оскуолата — СӨ инвестиционнай программатынан.

Бырайыактарын быһыытынан, саҥа кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр аныгылыы тэриллэрдээх үөрэх кабинеттара, лабораториялара, араас дьарыктарга аналлаах мастарыскыайдар, эти-сиини чэбдигирдэр спорт саалалара, айар дьоҕуру сайыннарар, иһитиннэрэр-көрдөрөр актовай саалалар, оҕо доруобуйатын кэтээн көрөр медкабинеттар, бибилиотекалар о.д.а. оҕону үөрэтэргэ, сайыннарарга аналлаах хостор, миэстэлэр баар буолуохтара. Намҥа саҥа оскуола тутуутун «А-Капитал» ХЭТ (ген.дир. Игорь Борисов) ыытар, оттон Модукка — «Намстрой» ХЭТ (ген. дир. Вадим Кутуков).

Гаврил Скрыбыкин, «СӨ государственнай сакаасчыт сулууспата» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ:

-Нам улууһугар тутулла турар эбийиэктэрбитин көрдүбүт. Бастатан туран, Модут нэһилиэгэр 150 миэстэлээх оскуола ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Онно тутууну баран көрдүбүт уонна улуус киинигэр эмтэнэр куорпус, саҥа таас оскуола тутуутун билистибит. Саҥа балыыһа былаанынан 2025 сылга үлэҕэ киириэхтээх. Быйылгы графигынан бу эбийиэк көҥдөйө тахсыахтаах, инженернэй уонна отделочнай үлэлэрэ барыахтара. Ону сэргэ 450 миэстэлээх таас оскуола билигин көҥдөйө тахса турар. Бу эбийиэги эһиил үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт. Олохтоохтор бары оскуолалар бүтэн бэлэм буолалларын кэтэһэллэр. Билиҥҥи туругунан улахан кыһалҕаны көрсүбэппит. Арай сир учаастагар техническэй өттүнэн толорууга боппуруос тахсыбытын инженердэрбит бииргэ үлэлэһэн быһаарыыстылар. Нам улууһугар биһиги өттүбүтүттэн ыытыллар тутууларга үлэ харгыһа суох графигынан баран иһэрин бэлиэтии көрдүбүт. Бэдэрээтчиттэрбит үлэһиттэрэ, техникалара барыта баар. Матырыйаалынан хааччыллыылара үчүгэй. Былааммытын кэспэккэ үлэни кэмигэр түмүктүүргэ эрэнэбит.

Андрей Михайлов, «А-капитал» ХЭТ тутуу учаастагын начальнига:

-Үс этээстээх оскуола дьиэтин көҥдөйүн таһаара сылдьабыт. Эбийиэккэ барыта биэс биригээдэ үлэлиир. Бу тутуу икки «А» уонна «Б» блоктаах. Билигин блок аайы биирдии биригээдэ үлэлиир. Дьиэ иһигэр салгын сүүрэр ханаалын тардабыт. Ону таһынан, биир биригээдэ бетонунан монолитнай кирилиэһи кутар. Өссө баһаарынай резервуардары оҥоро сылдьабыт. Онтубут акылаатын цеменинэн куппуппут. Бу ыйга иһирдьэ штукатурка, сылааһы тутар бүрүөһүнү оҥорууга, стяжканы, уот-күөс үлэлэригэр эбии биригээдэлэри таһаарыахпыт. Үлэбит графигынан баран иһэр.

Данил Соловьев, «Намстрой» ХЭТ тутуу учаастагын прораба:

-Модут оскуолатын тутууга быйыл саас, улахан тымныылар кэннилэриттэн, эбийиэкпитин хаартан ыраастааһын үлэтиттэн саҕалаабыппыт. Билиҥҥи туругунан, биэс биригээдэ, барыта 40-ча киһи үлэлиир. Икки этээстээх 2200 кв.м иэннээх эбийиэкпит көҥдөйө тахсыбыта. Тас бүрүөһүнүн үлэтэ 40-50% оҥоһулунна. Түннүктэрин 60%-нын олортубут. Спортивнай саала улахан түннүктэрэ кээмэйдэринэн Дьокуускайга оҥоһулла сылдьаллар, бүттэҕинэ сотору ылан олордуохпут. Онон фасады, тас эркини бүрүйүү, бетону ууруу, уоту тардыы, кырыыһаны туруоруу үлэтэ барар. Ону сэргэ сыбааркаһыттар баһаарынай резервуардары оҥороллор. Икки 200 куб.м кээмэйдээх баһаарынай емкостары кээмэйдэринэн куоракка сакаастаан, быстаран, бэлэмнэтэн манна аҕалтарбыппыт. Билигин сыбааркалаан бүтэрдилэр, кирилиэһин, эрэһээҥкэтин эмиэ. Емкостары үрдэтии буорга олордуохпут, билигин тыраахтарынан ону көннөрө сылдьаллар. Онтон атын инженернэй оборудованиелара туспа дьиэҕэ турар буолуоҕа. Благоустройствоҕа үлэни эмиэ ыытабыт, спортивнай былаһаакка планировкатын оҥороору сылдьабыт. Матырыйаалынан хааччыллыыбыт үчүгэй. Бүрүөһүн матырыйаала толору баар. Шлакоблок күн аайы кэлэ турар, улахан өттө эрдэ кэлбитэ. Графигы тутуһан үлэлиибит.

Маннык национальнай бырайыактар, инвестиционнай программалар баар буолан, кинилэр үбүлээһиннэригэр тирэҕирэн тыа сиригэр оҕо, ыччат үөрэнэр, үүнэр-сайдар кэскилигэр аналлаах саҥа тутуулар олоххо киириилэрэ кэрэхсэбиллээх. Олох сайдыытын тэҥэ үөрэх-билии таһыма үрдээн, саҥа киэҥ-куоҥ аныгылыы хааччыллыылаах оскуолалар элбээн иһэллэрэ инникигэ эрэллээхтик хардылыырга төһүү күүс буолар.

Касьян ОЛЕСОВ-Олук

 

Читайте дальше