Сэлиэнньэ уунан хааччылларын туһугар

Нам сэлиэнньэтигэр уу ситимэ биирдиилээн ыалларга бэс ыйыттан холбонон саҕаламмыта. Ол курдук, турбаларга тэстии, алдьаныы баар буолан холбонуу бытаарар. Онуоха ыаллар уунан хааччыллалларыгар үлэһиттэр бары күүстэрин уураллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Намы бүтүннүү ылан көрдөххө, уу ситимэ хоту эҥэр тиийбэккэ турар. Холобура, Манчаары аатынан уулуссаҕа уу тиийэ илик. Оттон Решетников аат. уулусса аҥаара уу турбата тоҥон турара этиллэр. Нэлэгэр микрооройуон уута холбоммут эрээри, Захаров аат. уулуссаҕа баар турбаларга тэстиилэр тахсаннар билиҥҥитэ араарыллыбыт. Бүгүн көннөрүү үлэтэ Замятин, Илья Винокуров-Чаҕылҕан аат. уулуссаларга барбыт. Леонтий Стрекаловскай салайааччылаах бөлөх билигин хоту эҥэр аллараа үлэлииллэр. Болҕомтону эрэйэр уу ситимин турбаларыгар сайын устата тэстии хайаатар да тахсарын санатабыт.

Ол да буоллар, сэлиэнньэ биирдиилээн ыаллара уунан хааччыллыбыттарыттан үөрэллэр, хайгыыллар. Оттон хайаларыгар эрэ уу тиийбэккэ сөбүлээбэтэҕин аһаҕастык этинэр. Аҕыйах сыллааҕыта уу ситимэ суоҕар, олохтоохтор бары ууну хайдах эрэ булунан баччааҥҥа диэри олорон кэлбиппит. Сэлиэнньэҕэ уу ситимэ холбонон саҕаламмытынан, сотору кэминэн, уу ситимигэр бары холбонуохпут.

Харысхан Попов

Читайте дальше