Саха сиригэр быйыл 5 ый түмүгүнэн оҕо сэллигинэн ыалдьыыта Россия таһымыттан 2 төгүл элбээбит. Дьокуускайга оҕолору флюорогафияҕа, диаскинтескэ сылын аайы бэрэбиэркэлээбэтэхтэрин түмүгэр элбэх оҕо сэллик ыарахан форматынан ыалдьыбыттар, биир оҕо өлбүт. Дьокуускай техникумугар 18 саастаах уол аһаҕас сэлликтээн, Горнай Орто Сурт дэриэбинэтигэр 8 оҕоҕо сыһыарбыт, олортон 5 оҕо ыалдьыбыт. Мархаҕа 17 саастаах уол ыалдьыбытын түөрт ыйы быһа ФЛГ-га көрбөккө бронхит диэн эмтээбиттэрэ улаханнык сэлликтээн бэс ыйыгар өлбүт, ийэтигэр уонна 3 оҕоҕо сыһыарбыт.
2012 сылтан Саха сиринээҕи Роспотребнадзор, доруобуйа харыстабылын Министерствотын дьаһалынан нэһилиэнньэ 15 сааһыттан сыл ааайы ФЛГ –га көрдөрүөхтээх. ФЛГ сэллиги эрэ буолбакка, тыҥа атын ыарыыларын эрдэ булар, ордук тыҥа искэҥин. 2023 с. тыҥа искэҥэ 18 киһиэхэ баар этэ, онно эбии атын уоргантан тыҥаҕа тарҕаммыт искэн элбэх.
2021 сылтан Нам оройуонун нэһилиэнньэтэ ФЛГ –га 65-64-64,9 %-на эрэ көрдөрбүтэ, атын улуустартан лаппа хаалан иһэбит. Ол иһин ити сылларга 11 киһи сэллик ыарыылара ФЛГ-нан буолбакка, ыарыһах ыарыыта улаатан, аһаҕас форматыгар тиийбитин кэннэ бэйэлэрэ кэлэн көрдөрбүттэрэ. Ити дьон сэллиги биллибэтинэн тарҕата сылдьан 5 оҕоҕо сыстыбыта, 2 оҕо сэллигинэн ыалдьыбыта. Ити ыалдьыбыт дьон хастыы да сыл ФЛГ-га көрдөрбөккө кэлэ-бара, арыгылыы, хаартылыы, сэллиги таҕата сылдьыбыттар. Онон Нам оройуонугар инникитин сэллик куөдьуйэ турар балаһыанньата үөскээбит.
Ковид эпидемиятын кэмигэр дьон иммунитета, ордук тыҥа иммунитета намтаабыт. Ол түмүгэр Нам оройуонугар сэллик урут бэлиэтэммэтэх ыарахан көрүҥнэринэн ыалдьар буоллулар. 2022 с. иккитэ ковидтаабыт киһи скоротечнай- милиарнай сэлликтэн өлбүтэ. Биир дьахтар сэллик генерализованнай форматынан, ол аата тыҥата, мэйииитэ уонна атын уорганнара ыалдьыбыт.
Онон, улуус, нэһиэктэр дьаһалталара, медицина үлэһиттэрэ ханна да үлэлээбэт, арыгылыыр, кэлэ-бара сылдьар, урут хаайыыга сылдьыбыт дьону болҕомтоҕо ылан, икки сыл ФЛГ барбатах дьону ФЛГ-га көрдөрөллөрүн ситиһиэххэ.
Клара ШАМАЕВА, фтизиатр-быраас