«Иэхэй-чуохай»! Итинник саҥа аллайыы өрүү даҕаны кыайыыны кытта ситимнээх! Бу “Айардар” наһаа үчүгэй ыралаахтар диэн хайгыыбын. Куруук итинник үөрүүнэн-көтүүнэн, кыайыынан арыаллаан биһигини, ааҕааччыларын, сэргэхситэ сылдьаллара омуна суох махталлаах.
Биһиги, ордук сааһыра барбыт дьон, аахпыппытын-көрбүппүтүн бытааннык “буһарабыт”. Маҕаһыыҥҥа киирбитим биир мааны дьахтар атыылыыр кыыстыын аахса аҕай турар.
—Бу тугуй?
—Манан наһаа үчүгэйдик оонньуохха сөп.
—Тугу оонньуубутуй?
—Ордук кыра оҕо манан көрөн туох буоларын, туохха туттулларын өйдүүр кыаҕын эрчийэр. Оттон обургу оҕо ону мэйиитигэр хатыырга эрчиллэр. Кырдьаҕас киһи эмиэ…
Мин кэпсэтии тугунан бүтэрин истээри аттыларыгар турабын. Атыылаһааччы кыйаханаары гынар.
—Оттон бу манна суруллубутун ааҕан өйдүө суохпун…
—Сүрдээх боростуой ээ. Өйдөнөр гына суруллубут.
—Суох, хайдах оонньуурбун сатаан өйдөөбөккө турабын,—дьахтар отой бэриммэт.
Атыылааччы да киэҥ көҕүстээх:
—Ээ, оонньонор бэрээдэгэ наһаа судургу, оруобуна били “Дурак” курдук, мин бэҕэһээ оҕолорбунуун оонньоон күлүү-үөрүү бөҕө буолбуппут…
—Оттон маарыыттан уһаппакка эрэ “Дурак” курдук диэххин! Аҕал миэхэ, иккитэ! Биирин кыыһым аахха бэлэхтиэм!—атыылаһааччы дьахтар көрүөх бэтэрээ санаата уларыйан хаалла.
Мин били “Дурак” диэни истэн эмиэ эрдийдим, сэрэххэ биири ылан аҕаллым. Эмээхсимминиин саҕалаатыбыт, суругар 2 киһи эмиэ оонньуур диэннээх этэ. Бэрт уһуннук ылахтастыбыт, хаартыбыт орто да чээрэтэ бараммата. Өрөбүлгэ оҕолор кэллилэр. Тото аһаан баран күргүөмүнэн бары “Иэхэй-чуохай” үрдүгэр түстүбүт. Кыралыын-улаханныын, кыра муҥхааллары аахпакка туран, 9 буолан муостаҕа олорон оонньоотубут. Доҕоттоор, өр гымматыбыт, күлүү-үөрүү ортотугар 17 мүнүүтэ иһигэр били наһаа элбэх хаартыбытын соҕотохто күлүм гыннардыбыт. Иккистээн оонньуурга бастаабыт киһини бириэмэтин кытта тэҥниэххэ буоллаҕа дэстилэр. Инньэ гынан түрүлүөн, тутуһуу-хабыһыы ортотугар күргүөмнээх оонньуубут бастакыбытынааҕар 1 мүнүүтэнэн эрдэ бүттэ.
Оҕо хараҕа кыраҕы эбит, түргэттэрэ бөҕөлөрө. Биһиги хаһан кыҥастаһыахпытыгар диэри өр гымматтар, хайы-үйэ хаартыларын элээрдэн аҕалан түһэ охсоллор, итэҕэс буоллаҕына эбии хаартыны баантан туура тутан ылбыт буолаллар.
—Эһээ, эһиги эбээлиин бытаан баҕайыгыт. Аныгы сырыыга бэйэбит эрэ киирсиэхпит,—диэн кыра сиэн быһаарааччы-туруорсааччы буолан дьонуттан дьарылынна.
—Аҕаа, ити “Иэхэй” ханна атыыланарый, бэйэбитигэр ылыыһыкпыт, бэртээхэй эбит,—диэн кыра уолум сыаналаата.
Оттон мин эмээхсиним “бытааммын” диэбэтэ, өһүргэммит дьүһүнэ суох, бу сарсыардаттан “Бичик” маҕаһыынынан эргийэн Бүөкүлэҕэ сылдьыам диэн барбыта. Арааската дьүөгэтигэр уонна улахан уол бөтөһө, били, биһигини кириитикэлиир Миичиккэ “Иэхэй-чуохайы” ылан биэрээри гыннаҕа.
«Мин кимминий?»
Тот киһи туох да туһунан толкуйдаабат буолар диэн былыргы дьон сөпкө этэллэрэ. Дьадаҥы киэһэ сиириттэн атынын эбиитин кыаммакка-тииммэккэ бэрсэн, атах тардыстара куруук аҕыйах диир урукку устуоруйа. Ол эрээри кырыымчыктан тахсар үүтү-хайаҕаһы тобула сатыыр адьынаттаах буолан итинник кыраҕа да үөрүнньэҥ киһи толкуйа имиллэҕэс үһү.
Диэх да курдук. Тоҕо эрэ ити этэллэрин санааммын ырааҕынан эргийэн ону-маны барытын санаатым. Дьэ, бу быйыл кыһын “Айардар” “Мин кимминий” диэн хаарты оонньуутун оҥорон таһаарбыттара чахчы абыраата. Биһиги ыал өрөбүл аайы дьиэҕэ толору кутуллар сиэннэрбитин кытта оонньоон оҕонньордоох эмээхсин аатырдыбыт.
Туох кистэлэй, бастаан мин атыҥырыы көрөн соччо сэҥээрбэтэҕим. Эчикийэ эмиэ да туохпутуй диэх быһыылааҕым. Онтукайым туһата өттө. Уһун күнү быһа төлөпүөҥҥэ ыйанар сиэннэр киһини кытта аанньаалааҕы кэпсэппэттэр ээ, саатар. Онтуларбытын “хачайдааммыт” билигин оонньуурбутугар түргэтээммит, ыйытыкка тук курдук хардарсар, киэҥник быһаарсар буолан үөртүлэр. Инньэ гынан урут эрэ истэр, бэйэм бу сыллар тухары соччо-бачча туттубатах да тылларбын булаттааммын дэлби сэргэхсийдим, үөрдүм. Итиэннэ саамай үчүгэйэ диэн оҕолор ити хаартыттан билбит тылларын күннээҕи олохторугар, дьоннорун кытта кэпсэтэллэригэр хото туттар буоллулар.
Аны бу оонньуубут иккис өттүлээх. Эмээхсиним билиигэ-көрүүгэ былыргыттан “иҥсэлээх”, инньэ гынан Егоркабыт 5 кылаас ааҕылыыскайын кыайбакка мөҕүллэрин истэн, аны ити ыйытыкпытыгар хардатын аһары баран, сахалыытыттан аангылыйалыы хардарыахха диэн тылланна. Онтубут ситиннэ сурулла сылдьар эбит, оонньооччу сыыһа эттэҕинэ ону көрөн олорон “суох” бөҕөтүн түһэрэбит. Хайа, мин да ааҕар буоллаҕым, сыыһатын-табатын эндэппэккэ ыйыталыыбын. Онон өрөбүл аайы күүстээх оонньуу түмүгэр хаарты тылын омуктуутун оҕобут эндэппэккэ биллэ. Били ааҕылыыскайдаах Егоркабыт аны сахалыы эппитин тута омуктуу тылбаастаан саҥарар буолбутуттан күлүкпүтүгэр имнэннибит.
Дьэ онон, мин кырдьаҕас учуутал, урут омук тылын нуучча эрэ тылын нөҥүө баһылыыбыт диэн өйдөбүлүм суурайылынна, оҕо сахалыыттан да эндэппэт буолар эбит! Үөрэтиэххэ, суох, “үөрэт” дии-дии ыххайбакка, оргууй оонньуу да олорон эрэн барытын биллэриэххэ сөп эбит! Ити бу тохсунньуттан саҕалаан дьарык оҥостон оонньооммут, үһүс чиэппэргэ Егор омугун тылын “4” сыананан түмүктээн үөрдүбүт-көттүбүт!
Онон “Мин кимминий?” диэн ыйытыкка саараабакка эрэ “Эр бэрдэбин!” диир кыахтанныбыт! Били “үтүөнү, үөрүүнү бэйэҥ үксэт” дииллэринии, ханнык баҕарар оонньууну бэйэҕэр даҕатан уларытыахха-тэлэритиэххэ сөбө олус үчүгэй. Биһиги “Мин кимминий” диэн хаартыны эмиэ талбыппытынан уларытабыт-тэлэритэбит, туох даҕаны ааттаах!
Кытаатыҥ, оонньуу-күлэ таарыйа, оҕо үөрэҕэр да көмөлөһүөҕүҥ ээ!
Анисим Неустроев,
Дьокуускай.