Сэрии бэтэрээннэрин дьиэлэрэ

Балаҕан ыйын 3-һэ — Арассыыйаҕа Кыайыы Албан аатын уонна Иккис аан дойду сэриитин түмүктэммит күнэ.

Хамаҕатта нэһилиэгэр Т.Н. Охлопков-Соттой аатынан уулуссаҕа урукку тутуу дьоҕус дьиэлэр кэккэлэһэ тураллар. Бу дьиэлэргэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара олорбуттара. 23 нүөмэрдээх уруккулуу түөрт өрүттээх хоруобуйалаах, ыстаабаннаах түннүктэрдээх дьиэҕэ «Ленин» холкуоска суоччутунан, сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбит Петр Семенович Полищиков 1977 сылга олохтон барыар диэри олорбута.

Петр Семенович фроҥҥа икки төгүллээн ыҥырыллан, минометчигынан сылдьан Хайлар куораты босхолоһон, сэриини түмүктээбит. Бу дьиэ урут соппулуот олбуордааҕа, Николай Кокорев суруйан хаалларбытынан, 1957 с. хаһаайын дьиэтин тула олордубут харыйалара билигин сүүнэ буолан тураллар. Дьиэни сиэн кийиит көрөн-истэн, дьаһайан олорор.

Сэргэстэһэ турар 25 нүөмэрдээх дьиэҕэ «Ленин» холкуос биллиилээх механизатора, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Митрофан Дмитриевич Захаров олорбута. «Кыһыл сулус», «Аҕа дойду сэриитин ll степенэ», «Албан аат lll cтепенэ» уордьаннардаах сэрии кыттыылааҕын дьиэтигэр билигин кыра кыыһа олорор. Аймахтар Улуу Кыайыы күнүн манна көрсөллөр, дьиэ тас муннугар аҕаларын улахан мэтириэтин ыйаан кэриэстээн, махтанан ааһар үтүө үгэстээхтэр.

Ити курдук, сэрии бэтэрээннэрин дьиэлэрэ хаһаайыттарын санатар история кэрэһитэ буолаллар.

Мария Винокурова

Читайте дальше