Аҕам саастаах дьон норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ 1991 сылтан сыл аайы алтынньы 1 күнүгэр бэлиэтэнэр. Күнү ыытыы соругунан кырдьаҕастарга болҕомто ууруу, ытыктабыл бэлиэтэ буолар.
Ити күнтэн саҕалаан алтынньы 10 күнүгэр диэри аҕам саастаахтарга болҕомто уурар сыаллаах декада ыытыллар. Ол чэрчитинэн, Аппааны «Хатыҥчаана» 1-кы №-дээх оҕо сайдар киинигэр араас хайысхалаах тэрээһиннэри ыытабыт. Нэдиэлэ устата эбэ, эһэ туһунан бэсиэдэлэри, дьарыктары, уруһуй быыстапкатын тэрийэбит.
Алтынньы 2 күнүгэр уһуйааммытыгар ааспыт сылларга үлэлээн-хамнаан ааспыт бэтэрээннэрбитин ыҥыран ыалдьыттаппыппыт. Бөлөхтөрүнэн сылдьан дьарыктары көрдүлэр, уруккуларын санаан-ахтан иитиллээччилэри оонньотон да ыллылар.
Төрөппүттэри уһуйаан олоҕор көхтөөхтүк кытыннарар, аҕам саастаахтаах дьоммутугар – эбэлэрбитигэр, эһэлэрбитигэр ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитиигэ, тапталы иҥэриигэ сыаллаах-соруктаах иитиллээччилэрбит эбэлэрэ кэлэн остуоруйа арааһын кэпсээн, өбүгэлэрбит оонньууларын көрдөрөн, күөрчэх ытыйан, бэйэлэрин дьарыктарын кэпсээн көх-нэм буолаллар.
Бүгүн «Күнчээн» кыра, «Кустук» орто, «Чуораанчык» улахан саастаах бөлөх иитиллээччилэрин эбэлэрэ, хос эбэлэрэ, хос эһэлэрэ кэлэн сиэннэринээн бииргэ «Колобок» остуоруйа туруоран көрдөрдүлэр, Алгыстаана хос эбэтэ Валентина Дмитриевна «Ат уонна атыыр оҕус» остуоруйатын олус сэргээн иһиттилэр.
Айылхан эбэтэ, уһуйааммыт оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор бөлөхтөрүн наставнига Анна Ивановна бэйэтин ынаҕын чөчөгөйүн аҕалан ытыйан көрдөрдө, эһэтэ Семен Николаевич бөлөх оҕолоругар күөрчэх оҥорон ыыппытынан бары ытыйан көрөн олуһун астыннан, Сарыада эбэтэ Аграфена Иннокентьевна алаадьытын күөрчэхтээн амсайдылар.
Күндү ытыктабыллаах дьоммутун – эбэлэрбитин, эһэлэрбитин Аҕам саастах дьон күннэринэн эҕэрдэлиибит. Кырдьары, сааһырары, ыалдьары билиммэккэ сиэн туһугар кыһамньыгыт өссө улаата, күүһүрэ турдун. Уһуйааммытыгар биир сомоҕо буолан кыттыбыккытыгар махталбытын тиэрдэбит. Оҕолоргут, сиэннэргит, хос сиэннэргит тапталларыгар угуттанан уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ диэн баҕа санаабытын этэбит.
Варвара Аргунова, Мария Винокурова, Сардаана Находкина, иитээччилэр