Нам улууһун көҥүл тустуу оскуолатын иитиллээччилэрэ Кэбээйи улууһугар Сангаардааҕы Оҕо спортивнай оскуола төрүттэммитэ 45 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турниртан 10 мэтээллээх кэллилэр. Сииттэ көбүөрүгэр олунньу 17-18 күннэригэр Чурапчы, Таатта, Ньурба, Нам, Кэбээйи улууһун эдэр тустууктара көрсүбүттэр.
Собакин Виталий 26 киилэҕэ – 2 миэстэ; Паньков Антон 28 киилэҕэ – 2 миэстэ; Протодьяконов Эрчим 30 киилэҕэ – 2 миэстэ, Сивцев Слава – 3 миэстэ; Гоголев Саша 35 киилэҕэ – 1 миэстэ; Шарин Ньургун 40 киилэҕэ – 3 миэстэ; Герасимов Степан 45 киилэҕэ – 1 миэстэ, Попов Одун – 2 миэстэ; Семенов Федор 50 киилэҕэ – 1 миэстэ; Рехлясов Радион 52 киилэҕэ – 2 миэстэ.
“Кэбээйи улууһун Сииттэтигэр көҥүл тустууга сүрдээх тэрээһиннээх, үчүгэй таһымнаах күрэхтэһии тэрийбиттэригэр тренер Рустам Расуловка махтанабыт. Оҕо спортивнай оскуола төрүттэммитэ 45 сылыгар анаммыт турнирга 95 бөҕөс тыҥааһыннаах, интэриэһинэй тустууну көрдөрдө”, – диир Петр Юмшанов аатынан Оҕо спортивнай оскуола тренерэ Владимир Копырин.
Харысхан Попов