Бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктиир бөлөх 2024 сыл саҕаланыаҕыттан алтынньы 30 күнүгэр диэри Нам сэлиэнньэтин уулуссаларыттан приюкка 103 көҥүл сылдьар ыты тутан аҕалбыт.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 14 ыт стерилизацияламмыт, 32 – кастрацияламмыт, 47 – маркировкаламмыт уонна 65 ыт вакцинацияламмыт. 34 дьиэ кыыла хаһаайыныгар төннөрүллүбүт, 29 ыт саҥа хаһаайыннаммыт, 15 ыт урукку сылдьар сиригэр төннөрүллүбүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ приюкка 29 ыт баарын Василий Крымков этэр. Ону тэҥэ, биир ыт приюттан күрээбит.
Нэһилиэнньэҕэ “Ыты быраҕыма, көрбөт эрээри бэйэҥ эппиэтинэскэр ылыма” диэн өйдөтүү бара турар кэмигэр дьиэ кыылыгар маннык сыһыаннаһыы соччото суох көстүү! Маннык ыт оҕотун сир-халлаан икки ардыгар быраҕыы, хаалларыы бүгүн эрэ тахсыбыт түгэн буолбатах. Бу сырыыга дьааһык иһигэр хаайыллыбыт ыт ахсаана – 8.
Бу курдук тугу да улахаҥҥа уурбаппытыттан, кэлин хайдах буолуоҕун толкуйдаабаппытыттан уулуссаҕа, уопсастыбаннай сирдэргэ ыт үөрдэһэн мустуута тохтообото чахчы. Маннык дьайыылары бэйэбититтэн таһааран баран соһуйабыт, өһүргэнэбит, буруйдуубут “Тоҕо ыттары туппаттарый, бэрээдэктээбэттэрий?!”.
Хаһаайын “Дьиэ кыылын иитиигэ ирдэбил” 13 ыст. 2018 с. ахсынньы 27 күнүттэн ФЗ-N498 “Кыылы эппиэтинэстээхтик иитии” быраабылалары тутуһаргын, эппиэтинэс сүгэргин умнума!
Ыт дьону ытыран, дьоҥҥо саба түһэн доруобуйаларын айгыратар түгэнигэр, ыты бас билээччи административнай эппиэккэ тардыллыахтааҕын билиэхтээх, өйдүөхтээх. Хаһаайын ыты иитии Быраабылатын кэһэн КоАП РФ 8.52 Ыстатыйанан 5000 солкуобайтан 15 000 солк. диэри ыстырааптанар уонна бу сокуоҥҥа олоҕуран эмсэҕэлээбит киһиэхэ материальнай хоромньутун толуйар.
Харысхан Попов