“Суһал көмө” фельдшера Петр Овчинников: “Үлэбин эр киһиэхэ саамай сөптөөҕүнэн ааҕабын”.
Намнааҕы киин улуустааҕы балыыһа медицинскай суһал көмө отделениетыгар 22 сотрудник үлэлиир: старшай фельдшер, биэс ыҥырыыга сылдьар фельдшер, дьон ыҥырыытынан барар өссө биэс фельдшер, биэс медсиэстирэ уонна биэс суоппар. Отделениеҕа быраас суох. Улуустааҕы “Суһал көмө” фелдьшердар илиилэригэр баар. “Суһал көмө” үлэтэ ыараханын билэр, күүстээх санаалаах, үлэлэригэр бэриниилээх дьон үлэлиир.
— “Суһал көмө” отделениета баар буолуоҕуттан, дьуһуурунай биригээдэ куруук биир фельдшертан, суоппартан, диспетчертан турбута – диир мин отделение туһунан кэпсииригэр ыйыппыппар отделение старшай фельдшера Мария Трапезникова, – 2020 сыллаахтан, оччолорго кылаабынай быраас Ариана Николаевна Сергеева эрдэҕинэ, дьуһуурунай биригээдэ маннык дьаныардаах састааптаах ыҥырыыга тахсар буолбута: фелдьшер уонна медсиэстирэ. 2021 сыллаахха уталытыллыбат хаачыстыбалаах көмө оҥорорго, биһиэхэ толору хааччыллыылаах оборудованиелаах икки саҥа реанимационнай массыына көрүллүбүтэ. Урукку санаан көрдөххө, биһиги илиибитигэр аҥардас тонометр уонна фонендоскоп эрэ баара. Ити курдук, сүрэхтэрэ патологиялаахтары клиническэй көрдөрүүлэргэ олоҕуран диагностикалыыр буоллахпытына, билигин медицина сайдыытынан, пациеннары көрүү-истии биллэ тупсар. Бүгүҥҥү күн туругунан, биһиги суһал түргэнник ЭКГ түһэрэр кыахтанныбыт. Ону тэҥэ, сосудистай патологияҕа саарбаҕалааһын баар буоллаҕына, төбөҕө КТ бэрэбиэркэтэ ыытыллар. Бу барыта сыыһата суох диагноз туруорарга сабыдыаллыыр. Саамай үөрүүлээҕэ, улууска компьютернай томография баар буолла.
— Мин көрдөһүүбүнэн, бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсииллэригэр фельдшертартан маҥнайгынан Петр Овчинников сөбүлэстэ. Кини “суһал көмөҕө” 33-с сылын үлэлиир.
— Үлэбин участковай фельдшертан саҕалаабытым – диэн саҕалыыр Петр, – онтон икки сыл үлэлээт, 1990 сыллаахха ОСМП ыҥырыыга сылдьар фельдшерга көспүтүм уонна күн бүгүнүгэр диэри “суһал көмөҕө” үлэлиибин.
— Бу үлэҥ эйиигин туох угуйбутай?
— “Суһал көмөҕө” куруук сырыыга сылдьаҕын. Манна куруук, эмсэҕэлээбиттэргэ уталытыллыбат көмө наада. Маннык быһыы-майгы ханна баҕарар буолуон, тахсыан сөп. Онон, биһиги үлэбит физическай күүһү ирдиир. Биһиги идэбит дьиҥнээх эр киһи үлэтэ дии саныыбын, эрдэ спордунан дьарыктаммыт буоламмын үлэм миэхэ сөп түбэһэр.
— Соһуччу туох эмэ быһыы-майгы буолбутун, тахсыбытын өйдүүгүт?
— Үлэ кэмигэр араас буолааччы. Биири өйдүүбүн, арай теплоходка икки эр киһи быһахтан оһолломмутун. Миигин онно соҕотохтуу ыыппыттара. Өрүскэ силлиэ бөҕө, теплоходка бэрт эрэйинэн тиийбиппит. Палубаҕа тахсарбар, эмсэҕэлээбиттэр иккиэн ыарахан туруктаахтара: биирдэрэ бастакы этээскэ, биирдэрэ үһүс этээскэ бааллара. Биллэн турар, эмсэҕэлээбиттэргэ бастакы көмөнү оҥороот, орто туруктаах киин балыыһаҕа тиэрдибитим. Итинник уустук быһыыга-майгыга түбэһэн турардаахпын.
— Өйдүүгүт, күҥҥэ муҥутуу хас ыҥырыы киирбитэй?
— Грипп өрө турар кэмигэр, дьуһуурустуба кэмигэр, сууккаҕа ыарыһах ахсаана 150-ҥа тиийэ улааппыта. Ол курдук, дьиэ кэргэн ыҥырыыта элбэҕэ. Онно тиийэн дьиэҕэ киирдэххинэ, биэстии ыарыһах көрсөөччү, бары температуралаахтар.
— Биир ыҥырыы, быһа холоон, төһө бириэмэни ыларый?
— Биһиэхэ бириэмэбитинэн тиэтэллээх уонна суһал ыҥырыыларынан араастаһаллар. Суһал ыҥырыыга биһиги 20 мүн. иһигэр көрүөхтээхпит-истиэхтээхпит. Маны тэҥэ, биһиэхэ ыраах сытар сирдэрдээхпит. Манна ыҥырыы таҕыстаҕына, кинилэри көрө-истэ айанныыбыт. Биллэн турар, элбэх бириэмэни ылар. Холобура, Намтан 90 км тэйиччи ыраах, суола суох сиринэн кэлэ-бара суукка курдук айаннаан тиийиэххэ сөп. Миэхэ маныаха сыһыаннаах быһыы-майгы эмиэ буолан турар – өттүгүн тоһуппукка бастакы көмөнү оҥороот, улуустааҕы балыыһаҕа аҕалбыппыт.
— Оттон сымыйа ыҥырыылар тахсаачылар дуо?
— Оннук сымыйа ыҥырыылар баар буолааччылар. Маннык туох да эппиэтинэһэ суох дьоннортон тахсар. Арай бу кэмҥэ кинилэргэ айаннаан иһэн, дьиҥнээх суһал ыҥырыы киирдин. Оттон биһиэхэ ыҥырыыга айанныыр биир эрэ биригээдэ баар. Киһи олоҕун быыһыырга, суһал көмө оҥорорго хас биирдии мүнүүтэ, сөкүүндэ күндү. Ол иһин, сымыйа ыҥырыы тахсар түгэнигэр, биһиги полиция сотрудниктарыгар тахсарга, сибээстэһэргэ күһэллэбит.
— Петр, кэпсэтэргэ сөбүлэспиккитигэр махтанабын.
— “Суһал көмө” – дьиҥ олох оскуолата, онуоха, баар чахчыга олоҕурар. Билии уонна сатабыл “суһал көмө” үлэтигэр олус элбэҕи ирдиир. Бэйэҕэр ирдэбиллээх буолуу, ураты болҕомто, араас тахсар быһыыга-майгыга түргэнник быһаарыныы ылыы – “суһал көмө” идэтин талбыт киһиттэн бу ирдэниллэр. Ону таһынан, олоҕу үчүгэй, сырдык эрэ өттүттэн көрүү.
Зоя Игнатьева