Суол тупсуута – сайдыы көстүүтэ

Бүгүн Нам-Дьокуускай өрөспүүбүлүкэтээҕи трасса Эҥсиэли хочотун аартыгын дабайыыттан 10,08 биэрэстэ усталаах кэрчигэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөмүөнэ түмүктэнэн, суолу үөрүүлээхтик арыйыы тэрээһинэ ыытылынна.

Сахалыы сиэринэн Алгысчыт Петр Охлопков аал уоту оттон, алаадьынан айах тутан, кымыһынан күндүлээн, Үрдүкү Айыыларга сүгүрүйдэ, Алгыс түһэрэн сирин-дойдутун, суолун-ииһин маанылаата, мустубуттары, ыалдьыттары буруонан арчылаата. Үрдүк сололоох ыалдьыттар суол өрөмүөнэ түмүктэнэн, арылларын арыйан аалай лиэнтэни быһа кырыйдылар.

Кылгас болдьоххо икки хочону силбиир, элбэх айанньыт сылдьар суола хаачыстыбалаахтык өрөмүөннэнэн түмүктэннэ. Бука барыгытын бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн улууһум дьонун-сэргэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Аны бу суолунан ааһар дьон, ыалдьыттарбыт сылаата суох айанныыр буолуохтара. Инникитин нэһилиэктэрбитинэн ааһар  өрөспүүбүлэкэбит суола тупсарыгар салгыы ылсан  үлэлэһиэхпит. 2024 сыллаахха Хатырык Маймаҕа икки ардын асфалынан бүрүйүөхпүт, Түбэҕэ тиийэр гравий суолу өрөмүөннүөхпүт, былааммыт киэҥ, — диэн эҕэрдэлээтэ улуус баһылыга Юрий Слепцов уонна суол өрөмүөнүн дьоһун үлэтэ түмүктэммитинэн Ил Дархаҥҥа, СӨ Правительствотыгар, СӨ суол-иис хаһаайыстыбатын, транспорт министиэристибэтигэр, СӨ суол-иис Управлениетыгар, бэдэрээтчит «Сэттэ» ДРСУ ХЭТ тэрилтэтигэр дириҥ махталын тиэртэ.

Суол өрөмүөнүн тэтимнээхтик ыытан, болдьоҕун иннинэ бүтэрбиттэрин, улахан кээмэйдээх үлэни толорбуттарын бэлиэтээн СӨ суол-иис хаһаайыстыбатын, транспорт миниистирэ Владимир Сивцев, СӨ суол-иис Управлениетын генеральнай дириэктэрин э.т. Георгий Васильев эҕэрдэлээтилэр, үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.


«Сэттэ» ДРСУ ХЭТ дириэктэрин э.т. Игорь Федоров өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол өрөмүөнүн үлэтигэр аан бастаан ылсалларынан, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, бары кыахтарын, күүстэрин толору туһанан үлэлээбиттэрин бэлиэтээтэ, графигы куоһаран, үлэни болдьоҕун иннинэ түмүктүүллэригэр сакаасчыт, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата кыах биэрбиттэригэр махтанна. Кини Нам улууһун, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар өрөмүөннэммит суолунан сымнаҕастык, этэҥҥэ айанныылларыгар баҕарда, мустубуттары барыларын суол-иис Үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

Тэрилтэ бу үлэтигэр саҥа технологияны туттан 10,08 биэрэстэҕэ икки араҥа асфальт бүрүөһүнү уурбут, ол иннинэ эргэ асфальт сабыытын бытарытан сарылаабыт, суол кытыытын көннөрөн дэхсилээбит, үс ууну аһардар турбалары уурбут, 84 суол бэлиэтин туруорбут, суолбалаһатын бэлиэлэрин түһэрбит. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ «Сэттэ» ДРСУ ХЭТ чулуу үлэһиттэрэ үрдүк көрдөрүүлэрин, ситиһиилээх үлэлэрин иһин үрдүк наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр.

Нам улууһун олохтоохторун ааттарыттан суоппар идэлээх, бу суолунан 22 сыл устата айаннаабыт Байдам Мардьа Марха Уола эҕэрдэтин, өрөмүөнү ыыппыт тэрилтэ үлэһиттэригэр улахан махталын тиэртэ, тупсубут суол уһуннук айанньыттарга, дьоҥҥо туһалыырыгар баҕарда.

Суол тупсуута – сайдыы көстүүтэ. Нам улууһун олохтоохторо суолбут-ииспит саҥардыллан, айан, сырыы чэпчииригэр болҕомто уурулларыттан улаханнык астынабыт.

Касьян Олесов-Олук

Читайте дальше