Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 26-30 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 2 (ааспыт нэдиэлэҕэ 1) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Оҕолор ыалдьаллара бэлиэтэммэтэх.
Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, улахан дьон: 60-65 — 1, 65-тэн үөһээ – 1.
Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:
Бөтүҥ — 2.
Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, внебольничнай пневмония – 3 киһи, онтон 1-рэ – оҕо; ветрянка – 7 киһи, онтон 6-та — оҕо; дифиллоботриоз – 1 улахан киһи; ыт ытырыыта – 1; химическэй веществолартан сүһүрүү – 3 киһи, ол иһигэр 1 оҕо.
Нам улууһугар 2023 сылга үктэнэн баран уопсайа 162 коронавируһунан ыалдьыы түгэнэ бэлиэтэммит, онтон 21-рэ – оҕо.