Сутуллуу: 24 киһи – салгын уоспата

Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, сэтинньи 27-ахсынньы 3 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 3 (ааспыт нэдиэлэҕэ 9) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Онтон 1-рэ – оҕо, ааспыт нэдиэлэҕэ 3 эбит. Ыалдьыбыт дьон бары амбулаторно эмтэнэллэр.

Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, оҕолор: 7-14 – 1, 50-64 – 1, 65 үөһээ – 1.

Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:

Нам – 1,

Үөдэй – 2.

Үөрэх тэрилтэтигэр 1 киһи коронавируска сыстыбыт. 2 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.

Ону таһынан, атын инфекционнай ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Ол курдук, салгын уоспата (ветрянка) – 23, онтон биирэ улахан киһи; ОРВИ – 8, мантан алтата – оҕо; сэбиргэхтэтии – 5, онтон оҕото – 2; дифиллоботриоз 2 улахан киһи.

Нам улууһун үрдүнэн барыта 9996 киһи ГРИПП утары быһыыны ылбыт, онтон 3596-та – оҕо.

 

 

Читайте дальше