Роспотребнадзор Намнааҕы салаата иһитиннэрэринэн, алтынньы 23-27 күннэригэр Нам улууһун үрдүнэн 30 (ааспыт нэдиэлэҕэ 16) коронавируһунан ыалдьыы туһунан суһал иһитиннэрии киирбит. Онтон 6-та – оҕо.
Ыалдьыбыт дьону саастарынан араардахха, оҕолор: 0-6 – 1, 7-14 – 5; улахан дьон: 18-29 – 5, 30-49 – 6, 50-64 – 6, 65 үөһээ – 7.
Нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө:
Нам – 4,
Хатырык – 5,
Аппааны – 13,
Кыһыл Дэриэбинэ – 2,
Модут – 1,
1 Хомустаах – 4,
Үөдэй – 1.
Дьиэ кэргэн иһигэр – 8, үлэлэригэр – 1, аймахтарыттан 1 киһи коронавируска сыстыбыт. 20 киһи хантан сыстыбыта биллибэтэх.
Грипп уонна ОРВИ, COVID-19 утары профилактическай миэрэлэри санатабыт:
- Элбэк киһи мустар, общественнай сирдэргэ сылдьыыны аччатыҥ.
- Сөтөллөргүтүгэр уонна ытырдаргытыгар биирдэ туттуллар салфеткалары туһаныҥ.
- Дьон элбэхтик мустар сирдэригэр: атыы-эргиэн кииннэригэр, бааннарга, автобустарга, таксиларга о.д.а. медицинскэй мааскалаах сылдьыҥ.
- Кирдээх илиигитинэн айаххытын, муннугутун эбэтэр хараххытын таарыйымаҥ.
- Илиигитин элбэхтик мыылалаан суунуҥ, дезинфекциялыыр средстволары туһаныҥ.
- Таһырдьа сылдьан баран муннугутун сайҕааҥ.
- Телефоннаргытын спиртээх салфетканан сууйуҥ-сотуҥ.
- Бэйэ-бэйэҕититтэн 1,5-2 м социальнай дистанцияны тутуһуҥ.
- Аһары сылайыыттан, стрессовай түгэннэртэн бэйэҕитиҥ харыстааҥ.
- Тымныйыы сибикилэрин түгэнэ баар буоллаҕына бэйэҕит эмтэммэккэ, тутатына бырааска көрдөрүҥ.