Сыбаалкаҕа уот туруутугар – киһи сыһыана суох

Нам сэлиэнньэтигэр буруо турбута хас да хонно. Билигин уоту умулларыыга 17 киһи, 4 техника үлэлиир.

Ленскэй нэһилиэк сиригэр-уотугар баар бөҕү тоҕор сыбаалкаҕа бэс ыйын 22 күнүгэр уот турда диэн иһитиннэрии киирбитэ бигэргэнэр. Ол күн 10 киһи, 4 техника үлэлээн уоту бохсубут. Сыбаалкаҕа уот турбута нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэппэт. Онуоха арҕаа эҥэр олорооччулар нэһилиэги сабардыыр буруоттан тыынарга ыараханын этэллэр. Ол эрээри, бу күннэргэ бөх умайыыта хаттаан турда.

Бэлиэтээн эттэххэ, улуус 10 нэһилиэгин бөҕүн тиэрдэр сыбаалката көрүүгэ-истиигэ турар. Ол курдук, сыбаалкаҕа киирбити-тахсыбыты кэтиир, көрөр харабыл уонна камералар үлэлииллэр.

Онон киһи хайдах да уматар кыаҕа суох. Уот туруута киһи дьалаҕайыттан буолбакка, күн күүскэ көрөрүттэн тахсара көстөн тахсар. Ону тэҥэ, сыбаалка өр сылларга үлэлээн туолбута биллэр. Суоҕу баар диэбэккин!

“Улууспутугар бөҕү сүөкүүр сир миэстэтэ уларыйыахтаах. Нэһилиэнньэ бөхтөн босхолонор сирэ, миэстэтэ (сыбаалка) быһаарыллан, билигин үлэлэр ыытыллаллар”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Харысхан Попов

Читайте дальше