«Сыккыс» түмсүү хоһоонноро

Хатыҥ Арыытааҕы олохтоох библиотека иһинэн тэриллибит «Сыккыс» айар куттаахтар түмсүүлэрин хоһоонноруттан бэчээккэ таһааран холонуу.

Туллукка маҥан таас килбэйэр

Дмитрий Иванович Ноговицын  суруйуута

Намым налыы хонуута

Туллугум кырдала

Өлүөнэ эбэ сүүрүгэр

Өҥөйөр күөх мааны кытыла.

 

Кыыдааннаах кыһыҥҥа

Кырыалаах тымныыга

Көмнөх хаары бүрүнэн,

Чуумпуран иһийэн сытаҕын.

 

Ол эрэн, сааскы күн

Сырдыга сылытар күүһүттэн

Илгэлээх тоҥ ньуургун сымнатан,

Күөҕүнэн чэлгтйэн тиллиэҕиҥ.

 

Оччоҕо күн ахсын көһүтэр

Күүтүүлээх санаата күүһүрэн,

Эрэнэ киириэҕэ биэрэккэр

Кэтэһэр күн ийэ барахсан.

 

Ыраатта тыйыс сэрии

Хомуура ыҥыран бу мантан,

Ийэ сир дойдутун көмүскүү

Тапталлаах эн уолуҥ барбыта…

 

«Күүт миигин, эргиллиэм,

Өһүөннээх өстөөҕү самнаран…»

Уол ыыппыт андаҕар суруга

Хараастар сүрэххин уоскутар.

 

Көмүскэҥ уутугар

Суурайбыт суруккун

Уолуккар сыһыаран долгуйа,

Саҕаҕы кэтиигин ыраахтан.

 

Ахтыбыт хоту сир угуйан,

Аймана ааһаллар кубалар.

Кураанах курас тыал дирбиилээх

Өрүһүм дьэс уута суккуллар.

 

Ийэтин, дойдутун туһугар

Өлөрү кэрэйбэт сэрииһит

Модун күүс санаатын кэриэстээн,

Туллукка Мэҥэ Таас килбэйэр.

 

 Уол оҕо

Константин Петрович Варламов

Уол оҕо төрөөтүн

Суор үөрэн хахаарар,

Булт бултаан, ас булан

Аһатыа диэн үөрэр.

Уол оҕо- ат кулун,

Эр бэрдэ — эн бааргын:

Эрэнэр эрэлбит,

Суон дурда киһибит!

Өттүгэр харалаах,

Илиигэр тутуурдаах,

Көхсүгэр ындыылаах,

Хараххар мичээрдээх!

Кэргэҥҥэр, оҕоҕор

Кэрэтик сыһыаннас,

Ийэҕэр-Аҕаҕар

Иэйиинэн эҥээрдэс.

Төрөөбүт дойдугун

Тупсарын туруулас,

Тапталгын иҥэрэн

Тускулун оҥорус!

Бу кэлбит олоххор

Аар Тойон Аҕабыт

Алгыһын тутуһан,

Аар саарга Эн аатыр!

***************

Людмила Петровна Макарова

Оо дьоннор, ыл тохтоон, сэриинэн ииримэҥ!

Күн сирин күндүтэ, оо, ама салгытта?

Үтүөкэн куораттар урусхан буоллулар

Эдэркээн ийэлэр огдообо хааллылар

Үтүмэн оҕолор тулаайах буоллулар

Сирия, Израиль, Украина

Тулабыт барыта уотунан умайар

Сэриинэн силлиэрэр, буулдьанан ыйылыыр

Оо, дьоннор өйдөнүҥ, сэриини тохтотуҥ

Уйгулаах олоҕу бу сиргэ олохтооҥ

Илгэлээх эйэни көмүскээҥ, харыстааҥ.

 

Дойдум миэнэ

Алаас Маарыйа

Тапталлаах төрөөбүт дойдум

Тулалыыр кэрэ айылҕалаах,

Сылааһынан илгийэр

Сайа охсор салгыннаах.

 

Күөхтүүр үрдүк мырааннаах,

Кытыл дьураа хонуулардаах

Сылгы сиэлэр сыһыылардаах,

Суугунуур сис тыалардаах.

 

Сандал сааһа эриэккэһиэн,

Самаан сайына сиэдэрэйиэн,

Көмүс күһүнэ күндүтүөн,

Кыыдааннаах кыһына кэрэтиэн.

 

Сэргээтим сэбирдэх суугунун,

Сибэкки кэрэ сипсиэрин

Кэрэхсээтим кэрии тыатын,

Күөрэгэйим дьырылыыр ырыатын.

 

Оо, аҕам аҕаккаам

Екатерина Ивановна Стручкова

Ол суостаах кэмнэргэ

Эн оҕо да эбиккин.

Эдэркээн мөссүөнүҥ

Эн хорсун санааҕыҥ

Энчирээбэт эрэлгин

Эндэппэккэ да этэр.

Чаҕылыйбыт хараҕыҥ

Эн ыраас дууһаҥ

Туоһутунан буоллаҕа.

Көмүскүүр, харыстыыр

Эн сырдык ыраҕын

Чахчы да эттэҕэ.

Оҕотук да сааскар

Олоҕу сыаналаан

Туора туран хаалбакка

Оччотооҕу кэм

Соруктарын толороору

Эдэр, тоҥуй сүрэҕиҥ

Тиҥиргэччи тэптэҕэ!

Аҕаккаам,

Эн дууһаҥ дорҕооно

Билигин да иһиллэр.

Эн сүрэҕиҥ сылааһа

Биллэргэ дылы гынар.

Эн ыра санааларыҥ

Ыччаккынан туоллаҕа,

Эн сырдык иэйиилэриҥ

Сиэннэргинэн ситтэҕэ!!!

Олунньу 13 күнэ 2024  с. Аппааны сэлиэнньэтэ

 

 Сахам буойуттара

Людмила Петровна Макарова

Ол уоттаах сэриигэ хорсуннук охтубуттар…

Ол кырыктаах кыргыһыыга

Тыыннарын толук уурбуттар…

Саха ньургун уолаттара барахсаттар

Сиик буолан симэлийбэтэхтэр

Туман буолан сүппэтэхтэр…

 

Саас аайы ахтылҕаннаах дойдуларыгар

Арылы кустук алаастарыгар

Чуумпу тыымпы күөллэригэр

Туруйа буолан кэлэннэр

Мэҥэ халлааҥҥа көтөллөр

Турууктуу хаһытыыллар

 Ахтылҕаннарын таһаараллар

Бу сиргэ ситэ олорботох

Таптал дьолун билбэтэх

Иэримэ дьиэни иччилээбэтэх

Төрөтөр оҕону төлкөлөөбөтөх

Дириҥ кутурҕаннарын биллэрэллэр…

18.04.2020 с., с. Аппаны

 

Биллибэт саллаат

Биллибэт саллаат эн кимҥиний?

Ханнык халлаан анныгар төрөөбүккунуй?

Ханнык хонуу устун сүүрбүккүнүй?

 

Биллибэт саллаат эн кимниний?

Ханнык тылынан

-«Ийээ!»- диэбиккиний

Аан бастаан хааман үөрдүбүккүнүй

Ханнык оскуола аанын арыйбыккыный

Ханнык кыыс сүрэҕин сүүйбүккүнүй.

 

Хаардаах Саха сиригэр төрөөбүтүн дуу?

Казахстан истиэбигэр сүүрбүтүн, көппүтүн дуу

Хайалаах Грузия очуостарыгар улааппытын дуу

Киргизия сылаас халлааныгар иитиллибитин дуу?

 

Ханнык сэриигэ эн геройдуу охтубуккунуй

Курскай хомо кырыктаах кыргыһыытыгар дуу

Сталинград оборонатыгар дуу

Украина сирин көмүскээри дуу

Польша халлаанын анныгар дуу?

 

Ханнык да омук буолбутун иһин

Эн саллааккын

Сэриигэ охтубут хорсун буойуҥҥун

Бүгүҥҥү дьоллоох олохпут иһин эн

Сырдык тыыҥҥын толук уурбутун!

Махтанабыт эһиэхэ биллибэт саллааттар

Хорсун сүрэхтээх мохсоҕол уолаттар

Бүгүннү эйэлээх, дьоллоох олохпутугар

Бүгүннү сырдык халлааммыт чаҕылыйар күнүгэр!

 

18.04.2020 с., Аппааны сэл.

Ылдьаа ыччата

Люция Евсеева-Суһумнуура

Саргылаах олох аартыгар

Куорсун анньан тахсыбыт

Сайдыылаах тосхол суолугар

Саҥаны айан тутабыт

Ылдьаа үлэһит ыччата.

 

Эҥсиэлибит үтүө аатын

Киэн туттан ааттыыбыт,

Үрдүккэ көтөр сыалбытын

Сомоҕо буолан кыайабыт

Ылдьаа эрчимнээх ыччата.

 

Ылдьаабыт көмүс тылларын

Алгыс этэн айхаллыыбыт,

Убайбыт төрүттээбит дьыалатын

Күннэтэ салгыы сылдьабыт

Ылдьаа кэскиллээх ыччата.