Сылгы – ыт буолбатах

Нам сэлиэнньэтигэр сайын аайы үс сүрүн кыһалҕа турар, куруук! Бастакытынан, уу ситимэ. Иккиһинэн, уот туруута уонна сылгы, ынах сэлиэнньэҕэ көҥүл барыыта.

Куһаҕанын эттэххэ, арай ити сылдьан уулуссаҕа дьону, оҕолору сиргэнэн дэҥнээтин?! Хаһаайын буолбакка, эмиэ олохтоох дьаһалта буруйу сүгэр дуо? Холобура, Даадар микрооройуонугар икки өттүттэн көрсүбүт үөр сылгы атыырдара утары киирсэн эрэллэрэ. Оттон сылгыны көрөр-истэр хаһаайын “Дьөһөгөй оҕотугар” тоҕо сиэрдээхтик сыһыаннаспатый?

Айылҕа, айыы оҕото сылгы күөх оттоох сыһыыга, хонууга, алааска буолбакка тоҕо уулуссаҕа, таас дьиэлэринэн мэччийиэхтээҕий!? Оччотугар киһи сылгыны итинник сырытыннараары, “биистэтээри” иитэр дуо. Онуоха, бу күннэргэ сэлиэнньэ киинигэр үөр сылгы саҥа таас дьиэлэргэ сылдьарын видеоҕа устан ыыппыттара бигэргэтэр.
Сылгыһыттары кытары Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата сотору-сотору сүбэ мунньахтары, кэпсэтиилэри оҥорор. Ону тэҥэ, ГАИ инспектордара сылгылары хонтуруоллуурга эмиэ үлэлэһэллэр, күүстэрин уураллар.

Нам сэлиэнньэтигэр сылын аайы сылгы сайыҥҥы сырыытыгар сааһыланыы үлэтэ ыытылла турар. Холобура, Нам сылгыһыттарыттан биирдэстэрэ сылгы аллараа күлүккэ турарыгар анал миэстэ оҥоһуллубут.

“Сылгы дьон олорор сиригэр киириэ суохтаах” диэн этиини хас да киһи ылынан, сөптөөхтүк өйдөөн сылгыларын алааска, ходуһанан сырытыннаралларын Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников чопчулуур. Нам сэлиэнньэтигэр мэччийэр сылгылар – ыалыы олорор нэһилиэктэр сылгылара.

Харысхан Попов