Кэрэ Өлүөнэм,
Эн тыыныҥ арыт поэткар тааҥныыр,
Киниэхэ муора мөссүөнэ тиллэр.
Арыт киниэхэ эрэһэ долгун оонньуур,
Арыт 12-с баал сылдьар…
Таллан Бүрэ
Быйыл Нам улууһугар киэн тутта ааттыыр суруйааччыларбыт Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115, И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110, А.А. Парникова – Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сылларын бэлиэтиибит. Тумус туттар дьоммутугар анаан араас хайысхалаах үлэлэр, араас таһымнаах тэрээһинри ыыталлар.
Ол курдук, Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар Саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Нам улууһун Ытык киһитэ Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар анаммыт улуустааҕы «Таллан Бүрэ күһүҥҥү фантазията» литературнай фестиваль буолан ааста.
Фестиваль сыалынан-соругунан саха тылын баайын, сүмэтин өйдүүргэ иитии, уустаан-ураннаан ааҕыы дьоҕурун сайыннарыы, поэт олоҕун, айымньыларын киэҥ араҥаҕа тарҕатыы, киэҥ туттуу тыыныгар уһуйуу, сахалыы тылынан ааҕыыны, билиини-көрүүнү көҕүлээһин буолар.
Балаһыанньа быһыытынан айар-тутар түһүлгэҕэ оскуола үөрэнээччилэрэ (5-11 кылаас оҕолоро) уонна 35 саастарыгар диэри ыччат кыттыыны ылара ыйыллара. Ол эрээри, ыччат кыттыыны ылбатаҕа хомолтолоох. Бу сылга улуустааҕы таһымнаах буолан, фестиваль таһыма кэҥээн улуус 11 оскуолатыттан 57 үөрэнээччи кыттыыны ылла.
Кыттааччылар «Арт-портрет» — Нам улууһун суруйааччыларын хаартыскаларыттан талан уруһуйдаатылар. «Мин улууһум суруйааччыта» (эссе) – улууспут суруйааччыларын олохторун, айар үлэлэрин туһунан тугу билэллэрин кэпсээтилэр. «Кэллим кэпсээри» бэйэлэрэ айбыт айымньыларын (хоһоон, кэпсээн, остуоруйа) аахтылар. «Күлүм иэйии» «Фантазия» диэн тылы туттан хоһоон айдылар. «Тылбаас күрэҕэ» — Таллан Бүрэ «Харыйа» диэн хоһооно «Ель» диэн нууччалыы тылбаастаммытын сахалыы тылбаастыырга холоннулар.
Литературнай фестивальга «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, Таллан Бүрэ улахан уола Тит Ефремович, кыыһа Анастасия Ефремовна, сиэнэ Айылла Ильинична Сивцевтэр, Саха норуотун суруйааччыта, критик Павел Харитонов — Ойуку, Россия уонна Саха сирин суйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ангелина Васильева – Дайыына, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Татаринов – Удьурҕай уонна литературнай түмсүү чилиэннэрэ ыалдьыттаатылар, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.
Хас биирдии түһүмэххэ миэстэлэр быһаарылан үөрэнээччилэр наҕараадаланнылар, Сивцевтэр аймах ааттарыттан анал ааттары туттулар.
Сиһилии «Эҥсиэли» хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Семен Аргунов