Бүгүн Бөтүҥ нэһилиэгэр ыытыллыбыт Үрүҥ тунах ыһыахха биллиилээх поэт, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ 115 сааһыгар аналлаах «Таллан Бүрэ үйэлээх хоһоонноро» уус -уран ааҕыы улуустааҕы күрэҕэ буолан ааста.
Күрэх сыала-соруга буолар: саха поэттарын айымньыларын үйэтитии, киэҥ араҥаҕа таһаарыы, хоһоону ааҕыы уус -уран дьоҕурун сайыннарыы. Күрэххэ оскуола оҕолоро, улахан дьон кытыннылар. Бу күн Таллан Бүрэ сүрэххэ киирэр, дууһаны долгутар, санааны саймаардар хоһоонноро ааҕылыннылар.
Хас биирдии кыттааччы олус истиҥник, иэйиилээхтик поэт хоһооннорун аахпытын истибит көрөөччүлэр поэзия кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттаан дуоһуйууну ыллылар.
Күрэххэ Намтан, Бөтүҥтэн барыта 8 улахан киһи уонна 2 оҕо кыттыыны ыллылар. Түмүккэ оҕолорго Зарина Яковлева 1 миэстэ, Сулустаан Кириллин 2 миэстэ, улахан дьоҥҥо 1 миэстэ Соловьева Александра Афанасьевна, иккис миэстэ Уваровская Софья Петровна, үһүс миэстэ Байдам Дайыына Сииҥкэ кыыһа ыллылар.
Кыайыылаахтар Добун суруктарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар, бары кыттааччылар Туоһу суругунан бэлиэтэннилэр. Күрэҕи сыаналаатылар: дьүүллүүр сүбэ председателэ Татаринов Алексей Михайлович, улуустааҕы «Отуу уота»литературнай түмсүү салайааччыта, Павлова Наталья Васильевна, Намнааҕы кииннэммит библиотека ситимин информационнай методическай отделын методиһа, Сивцева Марианна Алексеевна поэт сиэнэ, 3 нүөмэрдээх Нам орто оскуолатын английскай тылын учуутала.
Бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларынан күрэҕи киэргэттилэр: Бөтүҥ орто оскуолатын кыра кылааһын уолаттара, Зарина Яковлева (салайааччы Надежда Семеновна Макарова) уонна Нарыйаана, Ира, Уйгууна Баишевалар, Кристина Макарова.
Бары күрэх кыттааччыларыгар дьүүллүүр сүбэ чилиэттэригэр, Надежда Макароваҕа, Татьяна Протопоповаҕа истиҥник махтанабын.
Таллан Бүрэ хоһоонноро
Сиккиэр тыалы кытта сипсиһэн
Өрүүтүн да ааҕылла турдуннар.
Валентина Колесова