Тохсунньу 30 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан киин уонна оҕо библиотекаларыгар Саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ 115 сылыгар анаммыт дорҕоонноохтук ааҕыы күөн-күрэҕэ буолан ааста.
Барыта 74 кыттааччы: 30 улахан киһи, 44 оскуола үөрэнээччитэ суруйааччы олоҕун, айымньыларын киэҥ араҥаҕа – нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы, киэн туттуу тыыныгар уһуйуу, сахалыы тылынан ааҕыыны, билиини-көрүүнү көҕүлээһин сыалынан күрэхтэстилэр.
Күөн-күрэскэ киириэх иннинэ, ийэ тылынан дорҕоонноохтук ааҕаары кэлэн кыттыыны ылар дьоммутугар махтанан туран, Таллан Бурэҕэ анаммыт «Таллан тыла үйэлэргэ иһилиннин» диэн быыстапканы Раиса Дьяконова, кыраайы үөрэтэр салаа библиотекара билиһиннэрдэ.
Дорҕоонноохтук ааҕыы 3 түһүмэхтээх: 1). Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ хоһоонноруттан ааҕыы. 2). «Уолан Эрилик» поэматтан ааҕыы. 3). Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ нууччалыы тылбаастаммыт айымньыларыттан ааҕыы.
Дьүүллүүр сүбэ оскуола оҕолоругар:
- Оксана Васильева — Нам улууһун үөрэҕин салалтатын иитэр үлэ уонна эбии үөрэхтээһин отделын бас специалиһа.
- Николай Михайлов – А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культуура уонна ускуустуба колледжын 2-с кууруһун устудьуона.
- Туйаара Эверстова — А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культуура уонна ускуустуба колледжын 2-с кууруһун устудьуона.
Дьүүллүүр сүбэ улахан дьоҥҥо:
- Кристина Попова -Айаара – улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ.
- Кира Аммосова – урбаанньыт, Нам улууһун депутата, общественнай үлэһит, төрөөбүт тыл активиһа.
- Тина Павлова – Нам улууһун үөрэҕин салалтатын методическай отделын бас специалиһа.
Дьүүллүүр сүбэ кыттааччы уу сахалыы көрөн туран ыраастык ааҕар тылын-өһүн, саҥатын-иҥэтин, интэнээссийэтин, дииксийэтин, ааҕар тэтимин, куолаһын эгэлгэтин, тыл иэйиитин, айымньы уобараһын толору арыйыытын учуоттаата. Ол түмүгэр кыайыылаахтарынан буоллулар:
Оскуола үөрэнээччилэригэр:
1 миэстэ – Мамаев Уйгун, Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто оскуолата.
2 миэстэ – Татринова Илона, З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолата.
3 миэстэ – Рязанская Амелия, В.П . Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ.
Улахан дьоҥҥо:
1 миэстэ – Гоголева Лена Степановна, Арбын орто оскуолатын педагог-библиотекара.
2 миэстэ – Аргунова Туйаара Марковна – М.В. Петрова аатынан Таастаах орто оскуолатын директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччыта.
3 миэстэ — Борисова Сайыына Гаврильевна — З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Үтүө соруктаах-сыаллаах тэрээһиннэр инникитин да буоллуннар диэн туран, төрөөбүт тылбытынан суруллубут кинигэлэри ааҕыаххайыҥ диэн ыҥырабыт.
Төрөөбүт тылбыт күүһэ өһүллүбэтин, ийэ тылбыт эрчимэ энчирээбэтин!
Наталья Павлова, ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ