Нам улууһун историятыгар өтөрүнэн буолбатах халаан уутун алдьатыыта өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн аймаата. Бу алдьархай биһиги улууспут сирэ-уота айылҕа катаклизмнарын зуонатыгар баарын өссө төгүл санатта. Ууга барбыт нэһилиэктэр олохтоохторо түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолан, ыарахан тургутууну тулуйдулар.
Хатырык нэһилиэгин баһылыгын эппиэтинэһин толорооччу Артур Ноговицын иһитиннэрбитинэн, дьон-сэргэ судаарыстыбаттан көрүллүбүт 100 тыһ. солк. туһанан дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннүү, оҥосто сылдьаллар.
Оттон социальнай эбийиэктэргэ харчы хамсаата да үлэ саҕаланыаҕа диэтэ. Билигин докумуон оҥоһуутугар, эккирэтиһиитигэр сүүрэ сылдьалларын эттэ.
Тамара, Валентин Васильевтар:
—Ууга барбыппыт ыйтан орто. Билигин балааккаҕа хоно сылдьабыт эрээри, дьиэбитигэр киирэрбит чугаһаан эгди буола сылдьабыт. Саха дьоно түмсүүлээҕиттэн наһаа үөрдүбүт. Билэр- билбэт дьоммут көмө бөҕө. Аны биирдии киһиэхэ 100 тыһ.солк. түһэн матырыйаал ыларга харчыланныбыт.
Биһиги дьиэбит муостата полистирол үрдүнэн бетоннаммыт этэ. Уу полистиролу көтөҕөн хайыта барбытын көннөрдүбүт, иккистээн саҥардан бетонунан куттаран оҥордубут.
Матырыйаал сыана бөҕө буолбут эбит, хата, харчы кэлэн абыраата. Оҕолорбут, сиэннэрбит кэлэн, хас да күн турунан туран оҥорон биэрдилэр. Уопсайынан, таһыттан көмө наһаа элбэх, түгэнинэн туһанан махталбытын тиэрдэбит!
Лена Ноговицына