Таҥха кэмэ – Ороһуоспаттан Кириһиэнньэҕэ, ол эбэтэр тохсунньу 7 күнүттэн 19-гар диэри. Бу кэмҥэ билгэлэри, таайыылаах таҥха оонньууларын ыыталлар, инникилэрин түстэнэн көрөллөр. Таҥха – бу саха астрологията, киһи оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлэ, саха төрүт үгэһэ буолар.
Бу кэмҥэ: Түскэ сүбэлээ, Айылгыга алҕаа! Кэлэн иһэр кэскилбитин Кэрэйбэккэ кэпсээ, Оҥоһуллан эрэр олохпутун Ордорбокко онолуй! — диэн өбүгэлэрбит араас ньыманан инникилэрин билгэлэнэн, тымтыктанан көрөллөрө.
Таҥха этитиилээх кэм, онон сэрэнэр-сэрбэнэр, харыстанар буолар ордук. Таҥха кэмигэр: киһи кута барсыа диэн — таҥаһы таһырдьа хаалларбаттар; саҥа саталанар диэн — ордук хос тылы саҥарбаттар; харчы булар түгэҥҥэр туттубакка, кичэйэн ууруллар (сүллүүкүн харчыны сөбүлүүр); иэс-күүс биэрбэттэр (сүллүүкүнү кытта баай-дуол уу буолан суураллар диэн); таҥха таҥаратын ытыктаан, итэҕэйбэт да буоллахха, сэрэбиэй кээһэр куолу; айылгылаах киһи түстээбитин, таҥха этиппитин ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыллыбат, — диэн өбүгэлэрбит этэллэрин өйдүөх тустаахпыт.
Таҥха кэмигэр бэйэ олоҕун иннин көрөргө аналлаах араас оонньуулар, таайтарыылар баалларын бары билэбит. Урукку кэмҥэ олус сэрэхтээх уонна уустук ураты өйдөбүллээх сэрэбиэйдэр бааллара. Былыр мээнэ таҥхалыыры аньыыргыыллара. Билигин ойбон иһиллиэхтээҕэр, эргэ өтөххө барыахтааҕар, сылгылар кэпсэтэллэрин истиэхтээҕэр буолуох, бүлүүһэни сүүрдэр кутталлаах курдук буолла. Билиҥҥи кэмҥэ судургу ньымалаах, хайа баҕарар саха киһитэ, дьиэ кэргэнэ олоро түстэ да таҥхалаабытынан барар сэрэбиэйдэри оонньуур ордук.
Буосканы таммалатыы: Уулаах иһиккэ чүмэчи ууллубут сыатын таммалатаҕын, онно түспүт ойуу-бичик үүммүт сылга туох күүтэрин таһаарыаҕа.
Күлүгү таайыы: Кумааҕыны алҕыы-алҕыы, инники туох күүтэрин ыйыта-ыйыта үлтү кумалыыгын. Кумааҕыгын тимир бодунуоска, эбэтэр туох эмэ тимир иһиккэ сытыаран баран уматан кэбиһэҕин. Кумааҕы умайан бүппүтүн, күлэ хаалбытын кэннэ, сырдык истиэнэҕэ, эбэтэр оһох кэннигэр чүмэчи сырдыгынан сирдэтэн араас күлүгү көрөҕүн. Онно туох ойуу тахсарынан сылыктанаҕын.
Миинньигинэн билгэ: Түүн уон икки чааһы ааһыыта муоста харбыыр миинньиккин (суоккаҕын) күрдьүккэ таҥнары анньан кэбиһэҕиҥ уонна аттыгар туран эрэ баҕа санааҕын ботугураан этэҕиҥ. Сарсыарда сырдаатаҕына тахсан көрөҕүн. Миинньик сууллан хаалбыт түгэнигэр баҕа санааҥ туолбат, иҥнэйбит буоллаҕына ыарахаттардаах соҕустук туолуон сөп, оттон көбүс-көнөтүк, хайдах туруорбутуҥ курдук, ханталлан турар буоллаҕына баҕа санааҥ туолуоҕа.
Кинигэни ааҕыы: Баай, дириҥ ис хоһоонноох сахалыы кинигэни ыраастаан кэннин кыратык чүмэчигэ хоруордаҕын. Уонна кинигэни алҕыыбыт: «Кинигэ иччитэ инники олохпун быһаарарга көмөлөс, суолбун солоо, инникибин сырдат». Ыйытыыгын ботугураан баран, хараххын симэн туран түбэһиэх сирэйи арыйаҕын, түбэһиэх этиини сөмүйэҕинэн ыйаҕын. Дьэ, манна ардыгар уот харахха, ардыгар ырааҕынан эргитэр таайтарыылаах эппиэт тахсыан сөп.
Түөрэх быраҕыыта: Түөрэҕи үс төгүл быраҕаллар. Тохтуу түһэн, санааҕын барытын түмэн, түөрэҕи уҥа санныҥ туһаайыытынан көбүөргэ биитэр арбаҕастаах сылгы тириитин үрдүгэр быраҕыллар. Түөрэх тиэрэ түстэҕинэ, баҕа санааҥ барыта кэлэр дьылга туолар. Ону көрөн олорбут, эбэтэр аттыгар турбут дьонуҥ үөрэн сэгэс гына түһүөхтээхтэр уонна «Тускуо» диэн үс төгүл үөгүлүөхтээхтэр. Өскөтүн түөрэх умса түстэҕинэ, тута харбаан ылыллар уонна түөрэх төбөтүн имэрийиллиэхтээх. Оччоҕуна санаабыт баҕа санааҥ туолбат тускута ыһыллан хаалар. Онтон эмиэ санааҕын түмэҕин, баҕаҕын сипсийэҕин уонна иккистээн быраҕаҕын. Итинник үс төгүл гыныахха сөп. Итини таһынан манна майгылыыр этэрбэһи хаамтарыыны билэр буолуохтааххыт.
Таҥха, бит-билгэ кэмигэр инникигитин ити курдук түстэнэн көрүҥ.
Бэлэмнээтэ Семен Аргунов