Төрөөбүт тыл нэдиэлэтэ туох сонуннааҕый?

Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоох библиотекара Марина Корякина нэдиэлэ устата араас саастаах ааҕааччыларын сонун тэрээһиннэринэн хапта.

В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицей үөрэнээччилэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи «Таптыыр сахам тылынан…» дьыктааҥҥа кытыннарда. Тест сорудахтарын 51 оҕоттон ордук үчүгэйдик кыраларга Зарина Дорофеева, орто кылаастарга Сандаара Охоносова толордулар.

Сахалыы сурукка-бичиккэ болҕомто ууран илиинэн суруйууга ыытыллыбыт «Тупсаҕай буочар» күрэх элбэх ааҕааччы интэриэһин тарта. Ол курдук, «Тускул» уһуйаан иитээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ мустан суруйбуттарыттан иитээччи Майя Алексеева бастыҥынан буолла. Оттон дьиэҕэ олорон суруйбуттартан (бассаап ситиминэн ыыппыттартан) эр дьоҥҥо Сандал Иванов, дьахталларга Марианна Попова, улахан кылаас оҕолоругар Ян Кутуков, кыраларга Даниэль Сивцев(Салбаҥтан) үчүгэй буочардаахтара билиннэ. Бу күрэххэ Сайа «Сахам тыла» хоһоонун тупсаҕай буочардарынан суруйан 76 киһи кытынна.

Сурукка-бичиккэ уруучука оруоллааҕын быһыытынан стилофилия быыстапкатын коллекционер Алена Аммосова туруорда.

«Өрөбүл күн тугу ааҕабыт?» диэн сахалыы кинигэни ааҕыыга Норуодунай суруйааччы Наталья Михалева-Сайа саҥа тахсыбыт  «Улуу Тымныы Оҕуһа» үһүйээн-остуоруйатын ааҕарга угуйда. Сахалыы сурукка-бичиккэ аналлаах кинигэ быыстапката турда.

Нэдиэлэ төрөөбүт тылга, сахалыы сурукка-бичиккэ туһуланан кэрэхсэбиллээхтик ааста.

Мария Винокурова