Терроризмы утары биир санааланыы

Үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ Россия бары үөрэҕин тэрилтэлэригэр «Антитеррор» үөрэтэр, эрчийэр тэрээһиннэрэ ыытыллаллар. Ол курдук, бүгүн терроризмы утары үөрэх И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар буолла. Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Үөрэх эрдэттэн бэлэмнэниллибит сценарийынан барбыт. Тус сорудаҕынан оскуолаҕа автоматтаах икки киһи киирбит. Тута суһал сигнал киирэн, Намнааҕы Ис дьыала сотрудниктара түргэн дьайыыны оҥорон дьону эвакуациялаабыттар. Ону таһынан, «воздушная тревога» сигнал биллэриллиннэҕинэ оскуола коллектива, оҕолор хайдах дьаһаныахтаахтарын, туох хамсаныыны оҥоруохтаахтарын бэрэбиэркэлээбиттэр.

Терроризм утары үөрэх кэнниттэн оскуола коллективын кытта мунньах ыытылынна. «Нам улууһа» МТ дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайааччы, террористическай дьайыыны утары хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Петр Сергучев, гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы салайааччыта Николай Монастырев, үөрэх управлениетын материальнай-техническэй хааччыллыы отделын салайааччы Захар Протопопов түмүк оҥордулар, итэҕэстэри, туохха болҕомто ууруллуохтааҕын ыйдылар. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр эрдэ бэлэм буолар, чопчу алгоритмнарынан хамсаныы таһынан эмискэ үөскүөн сөптөөх мэһэйдэри учуоттуур оруннааҕын, сүрүн былааны тэҥэ, саппаас былаан эбэтэр түргэнник дьаһаныыга бэлэм буолуу ньымаларын учуоттууру эттилэр. Үөрэх управлениетын, оскуола коллективын эппиэтинэһин санаттылар, сэрэтэр үлэлэр ыытыллыахтаахтарын, көмүскэллээх буолууга эбии миэрэлэри ылары эттилэр. Анал үөрэххэ СӨ 23 №-дээх Намнааҕы баһаары утары государственнай сулууспатын этэрээтин сотрудниктара кыттыыны ыллылар.

Санатан эттэххэ, балаҕан ыйын 3 күнэ терроризмы утары биир санааланыы күнүнэн бэлиэтэнэр.

Хаартыскалар: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

Читайте дальше