Нам улууһугар олунньу 16 күнүгэр «Төрөөбүт төрүт тылым, иитиллибит ийэ тылым» диэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт улуустааҕы төрүччү сугулааныгар кыттыыны ыллым. Сугулаан Нам улууһун үөрэҕин салалтатын тэрээһининэн Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа ыытылынна.
Үөрэх салалтатын салайааччыта М.С. Игнатьева киирии тылы эппитин кэнниттэн, ыалдьыттар санааларын эттилэр, билиилэриттэн үллэһиннилэр. Ол курдук, Андрей Саввич Саввинов, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, философия билимин дуоктара оҕону иитиигэ-такайыыга оскуола, төрөппүт уонна мөрүөн олох алтыһыыларын сэһэргээтэ, быһаарда. Константин Ильич Аргунов, хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр научнай институт СӨ уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта республикаҕа оҕону иитиигэ үлэ билиҥҥи туругун уонна инники былааннарын туһунан, чуолаан, кэрдиис саастарга төрүччүтүн хайдах үөрэтэрин быһааран биэрдэ. Афанасий Христофорович Христофоров, И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэлин салайааччыта төрүччүнү үөрэтии ньымаларын билиһиннэрдэ. Мария Николаевна Охлопкова, Нам улууһун архыыбын салайааччыта төрүччүнү оҥорууга архив көмөтүн сиһилии билиһиннэрдэ.
Ол кэннэ төрүччүнү ырыппыт педагогтар үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Мин ийэм, Анна Ивановна Замятина, 1996 сыллаахха төрүттэрин үөрэтэн, альбомҥа тиспит үлэтин салгыы сылдьарбытын, «Төрүччүбүтүн үөрэтэбит — аймаҕынан түмсэбит» диэн иһитиннэрии оҥордум, 200 -тэн тахса аймах-дьоммутун түмпүт тэрээһиммитин билиһиннэрдим. Н.С.Охлопков аатынан Нам гимназиятын үөрэнээччитэ Айыына Шелковникова дьиэ кэргэнин төрүччүтүн билиһиннэрдэ.
Түмүккэ «Айар» национальнай кинигэ кыһатын киэҥ араҥаҕа аналлаах таһаарыылар эрэдээксийэтин сүрүннүүр эрэдээктэрэ Т.И. Федорова төрүччү-удьуору үйэтитэр ытык кинигэни билиһиннэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ, «Айардар» кинигэ атыытын тэрийдилэр.
А.С. Павлова, «Түөлбэ» оҕо киинин эбии үөрэхтээһин педагога