Вера Колпашникова дириэктэрдээх П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ тэриллибитэ 10 сылынан үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ тыыннаах дорҕоон доҕуһуоллаах киһини эрэ долгутардыы буолла. В.Н. Попов-Бочоох төрөөбүтэ 115 сылынан «Алантай Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны аныгылыы уот-күөс, спецэффект көмөтүнэн сонуннук туруордулар.
Улуус нэһилиэктэриттэн бастыҥ фольклорнай ансаамбыллар ырыа-тойук толордулар. Хамаҕатта нэһилиэгиттэн Оксана Кудрина салайааччылаах «Иэмэх», «Түһүлгэ», Руслан Захаров, Екатерина Заболоцкая тэрийбит «Туой иһит» оскуола оҕолорун бөлөхтөрө кэрэхсэнэр нүөмэрдэри толордулар. Сандр Находкин-Сандаар, Владимир Кудрин ырыанан кытыннылар. Кэнсиэр саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри саха төрүт инструменнарынан доҕуһуолламмыта ураты тыыны биэрдэ.
Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Иван Новиков «Төрүт дорҕоон ыллыгынан» үбүлүөйдээх тэрээһин улууска төрүт үгэспитин тута сылдьарбытын, сайдыы барбытын бэлиэтээтэ уонна Олоҥхо дьиэтиттэн тыргыллыбыт ыллык суон сурахтаах аарыгырар аартык буоларыгар баҕа санаатын эттэ.
Бу кэнсиэргэ наар ыччат дьон, оскуола оҕолоро кыттыбыттара Нам сиригэр төрүт дорҕоон кэскиллээҕин көрдөрдө.
Мария Винокурова