Тиит уонна Настаа Сиипсэптэр сыдьааннара

От ыйын ортотугар, арай, Искраҕа дьиэбэр сырыттахпына, сотовайым тыаһаата. Истибитим, байыаннай дьайыыга кытта сылдьан атаҕын эчэтэн госпитальга сытар быраатым Сивцев Александр Иннокентьевич эрийэр эбит. «Эдьиий, дорообо! Мин Аммаҕа дьоммор госпитальтан икки нэдиэлэ көҥүллэтэн кэллим. Этиилээхпин, эн уонна ийэм Анастасия Романовна куруутун аймах ыһыаҕа оҥорбут киһи дииргит, онон аймахтары мунньан ыһыахта тэрийиэххэ, мин 100000 биэриэм», — диир.

Мин үөрүүнэн сөбүлэстим уонна аймах группатыгар эрийэн сүбэлэстим. Сиипсэп аймахтар олус элбэхпит. Ону кылгас кэмҥэ мунньар кыаллыбат. Онон Искра Тирбэҕин II Тиит Арыылааҕар олорбут эһэбит, хос эһэбит аах сыдьааннарын мунньуохха уонна ыһыах буолбакка көннөрү көрсүһүү, билсиһии курдук тэрийиэххэ диэн сүбэлэстибит.

Байыаннай дьайыыга 6 уолбут сылдьар, онтон иккитэ эчэйэн төнүннэ. Ытык иэстэрин толоро сылдьар оҕолорбут этэҥҥэ эргиллэн кэллэхтэринэ, ийэбит «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, норуот маастара, сүөһү иитиитин маастара, ыччат наставнига Ощепкова Варвара Титовна 2027 с. от ыйын 10 күнүгэр 100 сааһын туолуутугар, сылы быһа былааннаан ыытыллар улахан тэрээһини, ахтыы күннэрин, айар-тутар ыччатын быыстапкаларын, уус-уран айар куттаах аймахтар айар отчуоттарын, кинигэ таһаарыыта уо.д. а. тэрийэр, түмүгэр улахан ыһыаҕы төрөөбүт Искратыгар оҥорор былааммытын билиһиннэриэхпит дэстибит.

Онон Тирбэх алааһын II Тиит Арыылааҕар олорбут «Тиит уонна Настаа сыдьааннара» диэн тэрээһини от ыйын 20 күнүгэр Нам селотун паркатыгар оҥордубут. Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатыгар сайабылыанньа суруйан, балаҕан дьиэни көҥүллэттибит. Виктор Евстафьевич охранниктарын дьаһайан, кинилэр ыйан, кэпсээн балаҕаммытыгар баар остуоллары, олорор ыскаамыйалары быыллаан, остуол тардан, бэлэмнээн, болдьоммут күммүт да биһиэхэ анаабыт курдук туран биэрдэ. Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Намтан, Аппааныттан, Сунтаартан племянницам оҕотунаан, ыҥырыылаах уруулар сыыйа мустан эрдэхтэринэ, «Хатыҥчаан»студия салайааччыта, бырааппыт Гаврил Семенович Мальцев, оператор Лена Колпашникова буоланнар Бястинова Мария Михайловнаттан, Тимофеева Акулина Михайловнаттан, Сивцев Александр Иннокетьевичтан, Сивцев Сергей Касьяновичтан (СВО эчэйбит оҕолортон) интервью ылбыттара. Сивцев А. И. туһунан видеоклип устубуттара. Онтон Осипов Владимир Владимирович Аал Луук мас аттыгар түһүлгэҕэ аймах дьоҥҥо алгыс түһэрэн, аал уоту оттон Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэн, арыылаах саламаатынан, үрүҥ тунаҕынан, алаадьынан күндүлээн, айах тутан, Үрдүк таҥараттан көрдөһөн, айыылар арчыларынан аймахтарга харысхал оҥордо, алгыс оһуохайын үҥкүүлэттэ. Уруу-аймах дьоммут бары, кыра оҕолоруттан тиийэ, сахалыы таҥнан-симэнэн сайбаһан кэлбиттэрэ олус кэрэ көстүү этэ. Сашок эдьиийдэрэ уолбутун сахалыы таҥаһынан таҥыннарбыппыт: Новгородова Сахаяна халадаайдаах ырбаахы, Павлова Матрена Афанасьевна камзол тикпит, Бястинова М.М. дэйбиир, кыл бейсболка,  Дьокуускайтан Попова Наталья, Альбина сахалыы этэрбэс, кур кэтэрдибиппит.

Улуус байыаннай комиссара Васильев Владислав Валентинович, «Буойун» общественнай түмсүү салайааччыта Оконешников Павел Николаевич, солбуйааччыта Авксентьев Роман Романович буолан кэлэннэр уолаттарбытын бэлиэ күннэринэн эҕэрдэ суруктары, сэмэй бэлэхтэрин туттарбыттара. Онтон кэлбит дьон бары толору минньигэс астаах сандалы тула олорон, утаппыттыы кэпсэтии, эҕэрдэлэһии, билсиһии, ырыа-тойук буоллубут. Сынньалаҥҥа эдэрдэрбит араас оонньуулары оонньотон, кырачааннарбыт үҥкүүлэрэ, ырыалара, сүүрэн көтөн оонньууллара, күлэн-үөрэн чаҕаараллара, түһүлгэбит киэргэллэрэ сылы быһа умнуллубат кэрэ өйдөбүл буолуохтара.

Сашабыт биэрбит харчытынан, Дьиэ кэргэн сылынан, уһуннук бииргэ олорбут, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, от ыйыгар төрөөбүт күннээхтэргэ сыаналаах бэлэхтэри Павлова Матрена Афанасьевна туттарда. Онтон гитаранан ырыа күрэҕэр Сашокпут икки бэйэтэ суруйбут ырыатын, Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит бырааппыт Андреев Афанасий бэйэтин ырыатын, Уваров Николай эмиэ икки бэйэтэ айбыт ырыаларын аймахтарга ыллаан иһитиннэрдилэр, биһирэбиллэрин ыллылар. Кылгас кэмҥэ муста охсон, улахан тэрээһини, бэрткэ тэрийэн ыыттыбыт.

Матрена Афанасьевна оҕолоро бары массыыналаах буолан, булуутугар-талыытыгар, тиэйиигэ-таһыыга, киэргэтиигэ сүүрдүлэр. Культура дыбарыаһын үлэһиттэрэ Орлова Сахаяна Афанасьевна тэрээһин сценарийын суруйда, саҥаран-кэпсээн, сатабыллаахтык салайда. Уваров Николай Петрович тэрээһиммитин музыкальнай өттүн дьаһайда, аппаратуранан хааччыйда. Онтон уолбут Сашок-Александр Иннокентьевич сүрүн көмө кини буоллаҕа дии, харчы биэрэн ити тэрээһиммит ыытылыннаҕа.

Бары сүүрбүт-көппүт, көмөлөспүт, ыраах-чугас сирдэртэн кэлбит уруу-аймах дьоммутугар ыҥырыыбытын ылынан кэлэн көмө-сүбэ, көх-нэм буолбут бары дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун. Инникитин даҕаны маннык бары түмсүүлээхтик, бары бииргэ көмөлөсүһэ сылдьыахха. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн дьиэлэригэр кэллиннэр, эйэлээх олох эргийэн бары аймахтар, ыччаттар айа-тута, үлэлии-хамсыы, олохтон астына олоруоҕуҥ, доруобай буолуоҕун диэн алгыспын тиэрдэбин.

Мария Бястинова — Алаас Маайата

Читайте дальше