Тимофей Ядреев флягата дойдутун булла

Ааспыт сыл сэтинньи ый бүтүүтэ Н.М. Рыкунов аатынан  Нам улууһун модельнай библиотекатын телеграм каналыгар Беларусь республикатыттан Витебскай уобалас Новополоцк куорат  2-с №-дээх орто оскуолатын музейын фондатын үлэһитэ Ксения Антонова суруйбут. Кини суруйарынан, сүрдээх дьикти уонна историческай булумньу көстүбүтүн биллэрбит. Кини үөрэнээччитэ таайын кытта куорат чугаһына балыктыы барбыт уонна ол сылдьан фляга булан таһаарбыт. Сирийэн үөрэтии кэмигэр бу фляга Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи булумньу буолан биэрбит, флягаҕа сурук баарын чуолкайдаабыттар  «Ядреев Тимофей Прокопьевич, Намский РВК 1941 г.»

Ол курдук, олунньу 21 күнүгэр улуустааҕы киин модельнай библиотекаҕа историческэй күн буолла. Беларусь республикатын Новополоцкай куорат Е.А. Трапезникова аатынан 2-с №-дээх орто оскуола педагогтарын уонна үөрэнээччилэрин кытта куйаар ситиминэн быһа биэриигэ Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи саллаат флягатын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолла.

Тэрээһин И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы №-дээх оскуолатын 3 «а» кылааһын «Күндүл» литературнай түмсүү уолаттара хоһооннорун доргуччу ааҕыыттан саҕаланна. Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы  киин модельнай библиотека директоры солбуйааччы Александра Тихонова кэлбит ыалдьыттарга фляга хайдах булуллубутун билиһиннэрдэ, махтанна. «Үөдэй нэһилиэгэ МТ баһылыгын солбуйааччы Николай Обутов бэйэтин нэһилэгин туһунан кылгас иһитиннэрии оҥордо уонна махталын биллэрэн мастан чочуллан оҥоһуллубут икки чороону Новополоцкай куоракка ыытарын эттэ.

Күүтүүлээх түгэн ыган кэлэн, З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын краеведческай түмэл салайааччыта Алексей Яковлев Аҕа дойду сэриитин дьоруойун  Ядреев Тимофей Прокопьевич туһунан билиһиннэрдэ. Кини сэриигэ Үөдэйтэн 1941 сыллаахха ыҥырыллан барбыт. Сэриигэ младшай сержант званиелаах полевой медбрат быһыытынан Прибалтийскай взвод 510 стрелковай полкатын 154-с стрелковай дивизиятыгар сулууспалаабыт. Сэрии кэмигэр иккитэ «За отвагу» мэтээлинэн  уонна «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» бэлиэнэн наҕараадаламмыт.

Тимофей Прокопьевич тыыннаах эргиллэн кэлэн Дьокуускай куоракка үлэлиир, онтон ыал буолан Кэбээйи улууһугар көһөн бараллар уонна 1969 сыллаахха өлөр.

Умнубаппыт ол ыар кэмнэри, умнубаппыт сэрии уоттаах дьылларын, умнубаппыт кыайыыны уһансыбыт хорсун саллааттары!

Лена Корякина