Бүгүн Нам с. «Общественниктар дьиэлэригэр «Строительнай» түөлбэ, үгэскэ кубулуйбут, олохтоох бородууксуйа атыытын үһүс дьаарбаҥкатын тэрийдэ.
-Биһиги Бөтүҥтэн «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыба буолабыт. «Строительнай» түөлбэ сырыы аайы ыҥыран кытыннарар. Күһүн эмиэ кэлэн атыылааччыбыт. Маннык дьаарбаҥка тэрийэллэрэ наһаа үчүгэй,-диир Лилия Слепцова.
Дьон кинилэр бородууксуйаларын — ынах, убаһа этиттэн фаршы, ынах быарын, хаанын, буотараҕын, ынах тылын, эттэн миин наборун, убаһа этиттэн таҥсыгы о.д.а. хамаҕатык атыыласта.
Түөлбэ олохтоохторо, баҕалаахтар бэйэлэриттэн ордор оҕуруот астарыттан соҕотуопкалары, барыанньалары, сүөгэйи, творогы о.д.а. араас бородууксуйаны атыылаан, дохуот киллэриннэ. Дьон ИП Д.Д. Аргунов ыыһаммыт бородууксуйатын түргэнник атыылаһан бүтэрэ оҕуста.
Киһи үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр. Дьон «Строительнай» түөлбэ дьаарбаҥкатын кэтэһэр, сөбүлүүр уонна олохтоох аһы-үөлү, бородууксуйаны астына-дуоһуйа атыылаһар.
—«Строительнай» түөлбэ маннык дьаарбаҥканы тэрийбитэ билиҥҥи кэмҥэ наһаа туһалаах, абыраллаах. Төһө да кыстык аһа атыыланнар, син биир туох эмэ тиийбэт курдук буолар. Манна бородууксуйа барыта кыра-кыра порцияларга араарыллан атыыланара олус табыгастаах. Маҕаһыыҥҥа ынах тыла эҥин омук дойдутун киэнэ буолар. Барыта сибиэһэй олохтоох аһы-үөлү атыылаһаммын үөрэ-көтө олоробун, — диир Мария Никитина.
Дмитрий Аргунов, урбаанньыт:
-Анна Петровна Гоголеваны кытта бииргэ үэлэспиппит толору икки сыл буолла. «Строительнай» түөлбэ дьаарбаҥка тэрийиэҕиттэн ыҥырыллан кыттабыт. Бастаан бородууксуйабыт аҕыйах буоллаҕына, билигин көрүҥмүт эбиллэр. Манна ыыһаммыт куурусса сототун, саннын, сибиинньэ түөһүн этин уонна бэйэбит айбыт «Намская» ыыһаммыт халбаһыыбытын атыылаатым. Халбаһыыбыт аатыран атыыга дьэ баран эрэр. Тэриниэхпититтэн биэс сыл устата үөрэтэн, бэйэбит ырысыаппытынан консервана суох оҥорон таһаардыбыт. Нэһилиэнньэ сөбүлээтэ, тэнийэн баран иһиэхпит.
Саҕалыырбар полуфабрикат оҥостор тэрили кредит ылан булуммутум. Онно нэһилиэгим Хатыҥ Арыы дьаһалтатын баһылыга Иван Ноговицын өйөөн, ороскуотум сорҕотун толуйууга субсидия көрөн көмөлөспүтэ. Ол кэннэ хамсыкка оҕустаран күчүмэҕэйдэри көрсүбүтүм. Онтон баҕарар тэрилбин булунарбар улуус дьаһалтата өйөөн, субсидия көрөн ылыммытым. Онон баһылыктарга Иван Дмитриевичка, Юрий Иннокентьевичка улаханнык махтанабын. Ити барыта улахан өйөбүл, күүстээх көмө буолар. Билигин дьэ программаларга эҥин киирсэн иһиэхпит, баазабытын оҥостуохпут.
Кини быйыл Башкортостан киин куоратыгар Уфаҕа уонна Санкт-Петербурга үлэтин хайысхатынан үөрэнэн, идэтин таһымын үрдэтинэн кэлбитин, иники өттүгэр ыыһыыр бородууксуйатын дэлэтиигэ, ол иһигэр варенай халбаһыыны оҥорууга, былаана киэҥин этэр. Дьокуускай куорат сыаҕын кытта бииргэ үлэлэспит, онно технологтаабыт. Билигин Намнааҕы техникумҥа маастарынан үлэлиир. Онно курсаннарын үөрэтэ-үөрэтэ, үлэлиир тэриллэригэр «Намская» ыыһаммыт халбаһыыны оҥорон таһаарбыттар.
«Строительнай» түөлбэ салайааччыта Вера Васильевна Прокопьева, түөлбэ депутата Анна Петровна Гоголева бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа атыы-тутуу табыллыбытыттан атыылаһаачылар дуоһуйбуттарыттан бэйэлэрэ эмиэ үөрэллэр, астыналлар.
Касьян Олесов-Олук