Тулуурга, дьулуурга угуйар күрэхтэһии

Маймаҕа нэһилиэгэр дойдуга Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо-аймах, Нам улууһугар Оҕо спордун сылларынан, ону тэҥэ Аҕа Дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн  “Аҕам уонна мин” күрэх ыытылынна.

Кыттааччылар 7 түһүмэххэ күөн күрэстэстилэр. Бэйэни билиһиннэрии, «Дьиэ хаһаайына» (хаптаһын эрбээһинэ, тоһоҕо саайыыта, саморез эрийиитэ), өй түһүмэҕэ, хортуоппуй хаҕылааһына, сиртэн анньыныы, сыал быраҕыы, сетка аннынан сыыллыы, ыскамыайка үрдүнэн сүүрүү, дьааманы табыы, эстафета түһүмэхтэринэн күрэхтэстилэр. Кыттааччылар бэйэлэрин кыахтарынан, күүстэринэн, өйдөрүнэн кыттан кииристилэр.

Күрэх түмүгүнэн 1 м. — “Кобра”, 2 м. — “Чаҕыл», 3 м. — “Барс” хамаандалара буоллулар. Кыайыылаахтарга кубок, мэтээл, грамота, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар. Маннык күрэхтэр уол оҕону, эр киһини  тулуурга, дьулуурга, кыайыыга угуйаллар.

Александр Захаров,
«Кыталык» сынньалаҥ киин директора