Тутуу этэрээтэ көмөтө элбэх

Нам сэлиэнньэтигэр Ленскэй нэһилиэк ыччатын лиидэрэ Майя Румянцева салайааччылаах устудьуон этэрээтэ 3-с нэдиэлэтин үлэлиир.

Ньургун Матвеев хамандыырдаах тутуу этэрээтэ Нам киинэ тупсаҕай буоларын туһугар таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Ол курдук, кинилэр сквердэр, болуоссаттар күрүөлэрин өрөмүөнүгэр үлэлэспиттэр, кырааскалаабыттар. Ону тэҥэ, сүрүн үлэлэринэн буолуоҕа, хаарбах туруктаах оҕо былаһааккаларын көтүрүү.

Бу күннэргэ устудьуон этэрээтэ бөҕү быраҕар туочукалар күрүөлэрин-хаһааларын көннөрбүттэр, ыһыллыбыт бөҕү сааһылаабыттар, хомуйбуттар. Ыччаттар үлэлэрэ манан бүппэккэ, тутуу ыытыллар сирин, сэллик диспансерын, кылабыыһа (кладбище) күрүөлэрин өрөмүөннээн өрө тарпыттар.

Харысхан Попов

Читайте дальше